Российскай Федерация сенатора, 2010-2018 сс. Саха өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ, Ил Дархана Егор Афанасьевич Борисовы кытта көрсүһүүгэ карьера, салайар үлэ туһунан кэпсэттибит.
– Эһиги эмиэ улаатан, үлэһит буолуоххут. Билиигититтэн-көрүүгүтүттэн, дьылабыай хаачыстыбаҕытыттан, үлэни хайдах кыайаргытыттан көрөн, эһиги карьераҕыт оҥоһуллар. Бэйэм карьерабын оҥостобун диэн сорук туруоруммакка, үлэни үлэлээн иһиэхтээххин. Төһөнөн элбэх үлэ баар да соччонон интэриэһинэй буолар. Үлэни хайдах оҥороргуттан, үлэни хайдах тэрийэргиттэн көрөннөр бу үчүгэй үлэһит эбит диэн туһааннаах үлэҕэ-хамнаска таһааран иһэллэр, – диэн кэпсиир Егор Афнасьевич.
Онтон кини тус олоҕор ол хайдах этэй?
Үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит эдэр киһи 24 сааһыгар тэрилтэҕэ мастарыскыай салайааччытынан үлэлээбит. Сыл аҥаара үлэлээбитин кэнниттэн аны тэрилтэ салайааччытынан анаабыттар. Онно биэс сыл үлэлээбит. 30-лаах киһини «үлэни кыайар, биир тэрилтэҕэ хаайтаран олороро сатаммат» диэн салгыы оройуоҥҥа ылбыттар. Онтон оройуон салайааччыта оҥорбуттар.
– Онно мин букатын кэтэх санаата суох үлэлиибин эрэ. Атын туох да толкуй суох. Ол үлэлии сырыттахпына Михаил Ефимович Николаев куоракка ыҥыран ылан, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччытынан анаабыта. Онно үлэлээн истэхпинэ, сыл буола илигинэ, Михаил Ефимович Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенынан талыллан баран, Правительствоҕа ылбыта. Бастаан Правительство председателин солбуйааччытынан, онтон председателынан үлэлээбитим. Ол курдук араас дуоһунастарга сылдьыбытым, – диэн үлэтин туһунан сырдатта.
2002 сыллаахха биһиги өрөспүүбүлүкэбит иккис Бэрэсидьиэнэ Вячеслав Анатольевич Штыров Егор Афанасьевыһы Правительствоҕа иккистээн ыҥырар. 2003 сыллаахха Правительство председателя оҥорор. Сэттэттэн тахса сыл салайбытын кэнниттэн В.А. Штыров отставкаҕа барар. Оччолорго Россия Президенэ Дмитрий Анатольевич Медведев. «Президент буол» диэн Егор Афанасьевичка эрийэн этэр.
– Үлэлии сылдьар киһи элбэҕи толкуйдаабат. Эппиэтинэһи толкуйдуур. Дуоһунаскын уларыттахтарын аайы, баҕар, кыччаатын, баҕар, улааттын, эйиэхэ эппиэтинэс сүктэриллэн иһэр. Оннук эппиэтинэс сүктэрилиннэҕинэ, аккаастыыр кыах бэриллибэт. Онон 2010 сыллаахха бэс ыйыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин Президенынан талыллыбытым. Кыайыам дуу, кыайымыам дуу диэн буолбакка, бу улахан эппиэтинэс этэ, – диэн этэр Егор Афанасьевич.
Маннык көрдөххө, киниэхэ барыта оҥоһуллан, арыллан испит курдук. Биллэн туран, оннук буолбатах. Бу кэннигэр Егор Афанасьевич күүстээх үлэтэ, эппиэтинэһи сүгэртэн куттаммат хорсун санаата баар эбит диэн көрдүм.
Егор Афанасьевич карьера туһунан эппитин биир саастыылаахтарбар тиэрдиэхпин баҕарабын.
– Киһи карьера туһунан буолбакка, үлэ туһунан толкуйдуохтаах. Үлэни толкуйдаабакка эрэ мин хайаан да отдел салайааччыта буолуохтаахпын диэн сыал туруорар дьон эмиэ баар буолаллар. Оннук киһи үлэни буолбакка, хайдах эрэ гынан, ким эрэ туоратан, кими эрэ уган биэрэн салайааччы дуоһунаһын ылбыт киһи диэн толкуйдуур. Бу киһи киирэн-тахсан, кими эрэ уган биэрэн, баҕалаах дуоһунаһын ылыа эрээри, кини салгыы сайдыбат. Ол иһин мин куруутун ыччаттарга биири этэбин: карьераны оҥосторгутугар карьера туһунан буолбакка, үлэ туһунан толкуйдааҥ. Үлэлээн истэххит аайы үлэһит киһини үлэ бэйэтэ булар», – диэн улахан киһиттэн наһаа туһалаах сүбэни иһиттим.
Катя БАКАЕВА, VIII «Г» кылаас,
Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолата