Куораппыт, нуучча драматура, Александр Островскай аатын сүгэр уулуссатын 4-с нүөмэрдээх дьиэтигэр ыам ыйыттан аҕам саастаах дьоҥҥо «Уһун үйэлэнии» диэн сынньалаҥ киинэ үлэлээн номнуо ахсыс сезонун түмүктээтэ. Киин биир кэмҥэ пионерскай хостоно сырытта. Ону толкуйдаабыт дьоннорунан, нуучча тылын уонна литературатын учуутала идэлээх, Надежда Петровна Николаева, биология уонна химия учууталынан 32 сыл үлэлээбит, билигин Орто Халыма гимназиятын интернатын үлэһитэ Екатерина Васильевна Кудрина, экономист-бухгалтер Галина Семеновна Неустроева, бриллиант эксперэ Маргарита Николаевна Попова буоллулар. Кинилэр хосторун В.И.Ленин аатынан Бүтүн Союзтааҕы пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан «Умнуох сааһырбыппытын» диэн тиэмэҕэ киэргэппиттэр, ырыа-тойук аргыстаах оскуолатааҕы сылларын кэрдиис кэмнэрин санатан, сыалай испэктээх бэлэмнээбиттэр.
Оччолорго бастакы кылааска үөрэнэ сылдьан октябрёнокка киирэҕин, онтон 10 сааскыттан
Улуу Өктөөп күннэригэр пионерскай дружина иннигэр тахсан андаҕар этэн пионерга үүнэҕин.
Итинник саныы турдахпына, олохтоохторбут Павлик Морозов аатынан пионерскай этэрээт буолан, пилотка кэтэн, кыһыл бантиктанан, пионерскай значок анньынан, хаалтыс баанан, хосторугар речёвкаларын дорҕонноохтук этэ-этэ устуруойунан хааман киирдилэр:
«Биир-икки,
Үс-түөрт!
Үс-түөрт,
Биир-икки!
Ким биир эрээтинэн тэҥҥэ хардыылаан иһэрий?
Биһиги пионерскай этэрээппит!
Ким саамай үчүгэй доҕоттордооҕуй?
Биһиги пионерскай этэрээппит!
Биһиги девизпит:
«Элбэх дьыала, аҕыйах тыл!»
Биһиги ырыабыт:
«Взвейтесь кострами, синие ночи…»
Дьэ, ол кэнниттэн октябренокка, пионерга, комсомолга ылыы сиэрин көрдөрдүлэр. Мустан турааччылар умнулла быһыытыйбыт оҕо сааспыт дьоллоох кэмнэригэр аҕыйах да бириэмэҕэ төннөн ылбыппытыттан долгуйан сүрэхпит тиҥ-тиҥ тэбиэлээтэ. Пионерия көхтөөх олоҕор чахчы баар этэ — күүстээх үлэ, тимуровскай хамаанданан нэһилиэк кыаммат араҥатыгар көмөлөһөн мас хайытыыта, муус киллэриитэ, уу баһыыта, маҕаһыынтан бородуукта атыылаһан аҕалыы, ньиргиэрдээх пионерскай сбуордар, субботниктар, линейкалар, октябрёноктар үөрэхтэригэр көмөлөһүү, бүтүн дружинанан Летка-Енька диэн дойду үрдүнэн тарҕаммыт финскэй үҥкүүгэ үөрэтэр уһун унньуктаах репетициялар, бүтүн оскуоланан паровоз курдук тутуһан үҥкүү…
Үөрэҕэр мөлтөх, бэрээдэги кэһэр оҕо пионерга ылыллыбата. Онтон үрдүкү кылааска чэпчэкитэ суох ыйытыылардаах тургутууну аастаххына, бюро чилиэннэрэ бу эдэр киһи сөптөөх диэн бука бары куоластаатахтарына, биирдэ эрэ хомсомуол кэккэтигэр киириэххэ сөбө, ону бигэргэтэн түөскэр значок кэтэрдэллэрэ.
Ити курдук бастаан утаа октябренокка, онтон пионер буолар чиэскэ тиксэриҥ, салгыы комсомол үрдүк аатын сүгэн оскуолатааҕы сыллар бэрт интэриэһинэйдик ааһаллара.
Онус хостор итини барытын биһиэхэ оонньоон көрдөрдүлэр, эбиитин хоһоон аахтылар, пионер уонна хомсомуол ырыаларын ыллаатылар.
Дьэ, онтон «Умнуллубат онус кылааска» тиритэн-хорутан экзаменнары туттарыы кэмэ тиийэн кэлэрэ, ситии-хотуу аттестатын ылыы, үөрэппит оскуолаҕа уонна учууталларга махтал тылларын этии, олох киэҥ аартыгар үктэнии: ким производствоҕа, ким үөрэххэ туттарса барарбыт.
Салгыы олохпут сыалын булан, таптыыр идэбитинэн күргүөмнээхтик үлэлээн, республикабыт чэчирии сайдарын туһугар бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрсэн кэллэхпит. Билигин мустан олорооччулар олохпут күһүнүн көрсөн, бары бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан сааһырдарбыт даҕаны, биһиги олохтон хаалсыахпытын баҕарбаппыт, наар олох үөһүгэр сылдьабыт. Иллэҥ кэммитигэр биһиги таптыыр дьарыктаахпыт: ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт, хоһоон, кинигэ ааҕабыт, иистэнэбит, олус минньигэстик астыыбыт, саастыылаахтарбытын кытта маннык кииннэргэ, профилакторийдарга алтыһабыт, музейдарга уонна концертарга сылдьабыт. Сарсыардааҥы сарыалга сардаҥалыын көрсөргө дьулуһабыт.
«Умнабыт үрүҥ баттахпытын,
Сааспытын санатар гсурааһыны.
Сирэйбит баҕар кумаланнын,
Биһиги бука бары эдэрдии эрчимнээхпит, доҕоттоор!» — диэн тылларынан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, методист-учуутал, «Саха -Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы пуонда стипендиата Надежда Петровна бу истиҥ көрсүһүүнү түмүктээбитэ. Пионерскай хамсааһын биһиги оҕо сааспытын сүрдээҕин байыппыт, киэргэппит, олох сырдык суолугар сирдээбит, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуурбутун, олоххо, дойдуга тапталбытын күүһүрдүбүт да эбит. 70-ча сылы быһа оҕо-аймахха суолдьут сулус буолбут икки Ленин уордьаннаах пионерскай тэрилтэ туһунан өйдөбүл өлбөөрбөтүгэр, ааспыты ахтыһан тахсыбыппытыгар улахан махталбытын үөһэ ааттаабыт дьоммутугар тиэрдэбит. Дьоллоох оҕо сааспыт билигин сырдык, кэрэ өйдөбүл буолан сылдьара саныахха олус үчүгэй.
Антонина Егоровна Семенова, II С. Н. Донской аатынан учуутал таһымын үрдэтэр уонна сайыннарар институт методиһа, Дьокуускай