Биһиги ахсынньы 2 күнүгэр дьоллоох Дьокуускай куоракка «Зима начинается с Якутии» чэрчитинэн үҥкүү күрэҕэр баран кыттан кэллибит.
Салайааччыларбыт Милена Прокопьевна, Сахая Руфовна уонна төрөппүттэрбит илдьэ сырыттылар. Биһиги ансаамбылбытынан хотугулуу үҥкүүнү толордубут. Үҥкүүбүтүн дьүүллүүр сүбэлэр сэргээтилэр. Араас сиртэн элбэх оҕо кытынна.
Түмүккэ II степеннээх лауреат буолан куубагынан уонна ыҥырыы путевканан наҕараадаланныбыт.
Күрэхпит күннэригэр куорат киинин биир саамай улахан Ёлката маҥнайгы уота тыгарын көрөр чиэскэ тигистибит. Олус кыраһыабай, дьэндэйбит харыйабыт уота күлүмнээн көрөргө олус үчүгэй. Сынньалаҥ күммүтүгэр зоопаркаҕа, катокка сылдьан үөрэн-көтөн дойдубутугар кэллибит.
Лияна Федорова 6 кыл., «Ыллык» эдкорпост Ньурба Хаҥалаһа.