Бүгүн кулун тутар 7 күнүгэр Эмис нэһилиэгин олохтоохторо үөрүүлээх сонуну туттубут. Нэһилиэкпит элбэх оҕолоох эдэр ыала Ларионовтар «Мама, папа и я» үөрэх үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрин спортивнай күрэхтэһиилэригэр бастакы миэстэни ыллылар.
Дьиэ кэргэн күрэҕэ Дьокуускайга 2 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар буолла. Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар ананна.
– Чурапчы, Таатта, Амма, куорат оскуолаларыттан аҕыс хамаанда кыттыыны ылла. Биһиги дьиэ кэргэн кыыспытын Виолеттаны кытта аҕыс түһүмэххэ күрэхтэстибит. Салгыы ыам ыйыгар финалга кыттыахпыт, – диэн дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Александр Ларионов кэпсээтэ.
Ульяна, Александр Ларионовтар сахалыы тыыннаах, спорду өрө тутар дьон. Оҕолорун кытта иллэҥ кэмнэригэр айылҕаҕа, үүтээҥҥэ, от үлэтигэр бииргэ сылдьаллар. Оҕолорун батыһыннара сылдьан, сиэргэ-туомҥа, ону тэҥэ улэҕэ-хамнаска үөрэтэллэр.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма