Үөрэх дьыла саҕаланара бэрт аҕыйах бириэмэ хаалла. Сотору оҕолорбут билии умсугутуулаах эйгэтигэр үөрэ-көтө оскуолаларын боруогун атыллыахтара. Үгэс курдук оскуола тэрилин атыыта-эргиэнэ Комсомольскай болуоссакка атырдьах ыйын 7 күнүттэн саҕаланар.
Онтон атырдьах ыйын 20-29 күннэригэр дьаарбаҥка чэрчитинэн «Оскуолаҕа барарга көмөлөс» диэн элбэх оҕолоох кыаммат дьиэ кэргэҥҥэ туһаайыллыбыт аһымал аахсыйа ыытыллыаҕа. Маны тэҥэ экологическай хабааннаах макулатураны туттарыы уонна туһаҕа таһаарыы аахсыйа тэриллэрэ былааннанар.
Биһиги бүгүн оскуола тэрилин хайдах барыыстаахтык атыылаһары ырытыһан, онно сөп түбэһиннэрэн 5 лайфхак көрүөхпүт:
- Бастаан маҕаһыыҥҥа, дьаарбаҥкаҕа тэринэн барарга, эбэһээт тугу ылыахтааххытын эрдэттэн испииһэктээн барар буолуҥ. Холобур, оҕо оскуолаҕа тэринэн барар наадалаах испииһэгэ быһа холоон маннык буолар (оҕо сааһыттан көрөн уларыйыан сөп):
- Пенал.
- Уруучукалар: күөх уонна араас өҥнөөх чэрэниилэлээх.
- Дневник, клетка уонна линейка тэтэрээттэр. Маҥнайгы бириэмэҕэ 10-нуу сөп буолуоҕа, 48 лиистээх уопсай тэтэрээт 5-тии устуука.
- Дневник, тэтэрээт, кинигэ таһын хахтара.
- Боростуой, араас өҥнөөх харандаастар, ластик, маркердар, харандаас уктуур точилка.
- Линейка: көнө уонна үс муннуктаах.
- Транспортир уонна циркуль.
- А4 кумааҕы.
- Картон.
- Степлер уонна уларытар скобалар.
- А4 кумааҕыга файл.
- Уруһуй альбома, кырааската уонна киистэлэр.
- Кыптыый уонна килиэй.
2. Үөрэнэр үрүксээк хаачыстыбалаах уонна оҕо сүгэригэр табыгастаах, ону таһынан тупсаҕай көстүүлээх буолара ордук. Онон чэпчэки табаары батыспакка, матырыйаалыттан, тымныыны төһө тулуйар хаачыстыбатыттан көрөн, сыаналаах сүгэр суумканы ыллахха, үс бүк абыраныаххыт. Харыстаан илдьэ сырыттахха, үрүксээккит хас да сыл сулууспалыаҕа.
3. Оҕолорбут күн-түүн улааталлар. Ол иһин оскуола таҥаһын табыгастаахтык ыла сатааҥ. Көрө түһээт сөбүлээбиккитин аҥаар кырыытыттан атыыласпакка, икки уларытар гына оскуолаҕа кэтэр таҥаһы ыларга кыһаллыҥ. Таҥаскыт тигиитин, сиигин саптарын, тимэхтэрин бэрэбиэркэлээн, аны таҥас киэҥин-куоҥун, оҕо хамсанарыгар табыгастааҕын сыаналааҥ. Сүүс таҥаһы үрүт-үөһэ ылбакка, биир-икки хаачыстыбалаах, сыанатыгар эппиэттиир таҥаһы маҕаһыынтан ыларга холонуҥ. Спортивнай көстүүм атыылаһарга эмиэ биир оннук.
4. Атах таҥаһын эмиэ көрөн-истэн, сыымайдаан атыылаһыҥ. Оҕо атаҕа түргэнник уһуур, онон элбэх атах таҥаһын биирдэ ыла охсумаҥ. Билигин маҕаһыын дэлэй, онон кэлин атаҕын таҥаһа кыччаатаҕына, тута уларытар кыах баар.
5. Билигин онлайн, дьиэттэн олорон таҥаһы-сабы сакаастаан атыылаһаллар. Бу эмиэ табыгастаах. Онлайн маҕаһыын табаарын сыаната быдан чэпчэки буолар. Сорох төрөппүттэр, холобур, маннааҕы маҕаһыыннарга сыаналаах үрүксээги Интернеттэн сакаастаан ылаллар эбит.
«Оскуола баһаарыгар» атыылаһар эмиэ олус табыгастаах буолар: биир сиртэн барытын миэстэтигэр туран эрэ атыылаһыахха сөп. Онон, күндү төрөппүттэр, оҕоҕутун кытары билиҥҥиттэн туох наадатын сыта-тура испииһэктээн, ааспыт үөрэх дьылыгар кэтэ сылдьыбыт таҥастарын кээмэйдээн, тугу ылыахтааххытын эрдэттэн билэ сылдьыҥ. Уонна биири өйдөөҥ кэбиһиҥ, балаҕан ыйын 1 күнэ үүнүөҕүн иннинэ биир күн иһигэр тиэтэл быыһынан сыллааҕы тэрили, таҥаһы атыыласпакка, хойуутатаххытына даҕаны, балаҕан ыйын 2 күнэ эмиэ үүнүө турдаҕа.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.