Билиҥҥи аныгы олохпут ирдэбилэ — QR-код буолла. Өссө ханна эрэ истиэн аһарбыттаахпын, уу сахалыы «куйаар куот» диэн ааттыылларын. Дьиҥэ бу QR-код олус туһалаах, киһи бириэмэтин кэмчилиир, түргэн-тарҕан аныгы олох тэтиминэн үөскээбит ураты бэлиэ буолар.
Урут итинник штрих-кодтар бородууктаҕа, табаарга баар эбит буоллаҕына, билигин QR-код барытыгар туттуллар буолла. Холобур, оскуолаҕа бу көмөтүнэн араас уруоктары, викториналары, квестары оҥорон угуохха, оҕоҕо информацияны киэҥник тарҕатарга эбии матырыйаалы оҥорон, QR-код көмөтүнэн түргэнник тарҕатыахха сөп буолла. Онтон биһиги сурунаалларбытыгар, хаһыакка маннык куодунан киирэн, эбии матырыйаалы толору ылар кыахтанныгыт.
Билигин эһиэхэ, ааҕааччыларбытыгар анаан, «Кэскил» оҕо бэчээтин фото-видео кэрэспэдьиэнэ Петр Матвеев QR-коды оҥорор туһунан видео уруогун тускутугар туһаныҥ диэн таһаарабыт.