«Оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ, кырдьар сааскар сатыаҥ суоҕа» диир өбүгэ өһүн хоһооно баар. Онон оҕо саастан сынньалаҥы, оонньууну, үлэни тэҥҥэ тутар саамай сөп буолар.
Орто Халыма Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгэр уһук хоту эргимтэҕэ соҕотох сылгы собуота баар. Манна сылгы эрэ буолбакка, ынах сүөһү пиэрмэтэ эмиэ баар. Пиэрмэ үүт астыыр сыаҕар олохтоохтор да, ыанньыксыттара да, үүт туттараллар. Манна үүт тутааччытын көмөлөһөөччүтүнэн VIII кылааһы бүтэрбит Стас Кудрин үлэлиир.
Стас үлэтин сайыҥҥы сынньалаҥа саҕаланаатын кытта саҕалаабыта. Сарсыардааҥы ыамҥа уонна киэһээҥи ыамҥа ыаммытынан сып -сылаас үүт тутар. Дьон күн аайы 400-чэкэ киилэ үүтү туттараллар. Үүт астыыр сыах салайааччытынан өр кэмҥэ үлэлээбит Акулина Дмитриевна Созонова буолар.
Стас үлэтэ үүт тутуу эрэ буолбатах. Туппут үүттэрин сэппэрээтэрдээн, сүөгэй, арыы, йогурт, суорат оҥорон, атыыга таһаараллар, нэһилиэнньэни үрүҥ аһынан хааччыйаллар. Онон Стас төрүт ас оҥоһуллуутун, астанан тахсар сатабылларын үөрүйэхтэрин оҕо сааһыттан ылан, кэнэҕэски олоҕор туһаныа диэн эрэнэбит.
Изабелла Ноговицына.
Өлөөкө-Күөл, Орто Халыма.