Балык барахсаны сииргитин сөбүлүүгүт дуо, оҕолор? Кини киһи этин-хаанын саамай туһалаах эттиктэринэн, минералларынан, битэмииннэринэн байытар. Онон күннээҕи остуолбутугар солбуллубат аһылык буолар.
Күһүн аайы күөл мууһун туруута балыксыттар илим үттэ киирэллэр. Уһун, тымныы кыһыҥҥа балыктаан хаһааналлар. Бу кэм оруобуна күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр буолар, онон уолаттар аҕаларын, убайдарын, эһэлэрин кытта балыктыы бараллар.
Оттон балык барыта туһаҕа тахсарын дакаастаан оскуолабытыгар биир тэрээһининэн быыстапка тэрийиитэ буолла. Манна оҕолор балык уҥуоҕуттан, хатырыгыттан, кутуругуттан, лаапчааннарыттан, тириититтэн араас оҥоһук оҥорон аҕаллылар. Бииртэн биир киһини сөхтөрөр оҥоһуктары оҥорон бэртээхэй быыстапкаҕа 1-11 кылаастарга тиийэ уоллуун кыыстыын кытыннылар. Ол курдук, балык ойоҕоһун уҥуоҕуттан араас хартыыналар, төбөтүн уҥуоҕуттан араас лыахтар, кутуругуттан, лаапчааннарыттан сибэккилэр, хатырыга бэл хаалбатах. 4 кылаас үөрэнээччитэ Богдан Винокуров балык тириитин тиирэн иһигэр балыктардаах ыаҕайачаан оҥорбут. 7-ис кылаас үөрэнээччитэ Ариана Захарова сыалыһар төбөтүн уҥуоҕуттан ытарҕалардаах кулон оҥорбута атыы киэниттэн туох да уратыта суох.
Онон оҕолорбут бэрт боростуойтан бэйэлэрэ айан, тутан, оҥорон таһаарбыттара киһини эрэ үөрдэр. Айылҕаҕа ыһа-тоҕо, тэпсэ-сыыһырда сылдьар оннугар, туох эрэ туһалааҕы, кэрэни оҥорор быдан ордугун, айымньылаахтык сыһыаннастахха судургуну да кэрэ гына толкуйдуохха сөп эбит диэн оҕолорбут өйдөөбүттэрэ буолуо диэн эрэнэбит.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.