Сэтинньи ый — Баай Барыылаах Байанай ыйынан биллэр. Бу ый биһиги оскуолабытыгар араас тэрээһин бөҕөтө ыытыллар. Ол курдук, 5-6 кылаас эдкордара мустан олохтоох кыраайы үөрэтэр түмэлбитигэр баран булт тэриллэрин көрдүбүт.
Өбүгэлэрбит наар бултаан-алтаан, балыктаан олорбуттара. Онон араас булт тэрилин туттубуттар эбит. Ол курдук, түмэлгэ батыйалары, чааркааннары, хапкааннары, саалар араастарын, ох саа, оноҕостору угар мас холбуйаны, илим хотоҕосторун, таастыганнарын о.д.а. көрдүбүт.
Урут аныгы матырыйаал суоҕуна наар мастан, сиэлтэн-кылтан, талахтан тэрил оҥостон туттубуттарын олус сөхтүбүт. Бары наһаа да мындырдар уонна уустар эбит диэн түмүккэ кэллибит.
Салайааччыбыт барыбытыгар биирдии экспонаты талан ол туһунан матырыйаал хомуйан Байанай дьоро киэһэтигэр кэпсииргэ сорудахтаата. Онон бары үлэ үөһүгэр түстүбүт.
Оттон эһиэхэ оҕолоор, бу экспонаты тааттарабыт. Бу туох буолуой? Аатын, туохха аналлааҕын билэҕит дуо?
Эля Сухомясова, Изольда Слепцова, 6 кылаас,
Орто Халыма Өлөөкө-Күөл б.
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост юнкордара