Оскуолабыт 10-11 кылааһын уолаттара Кудрин Стас уонна Татаринов Кеша сайыҥҥы сынньалаҥнарын олус туһалаахтык уонна көдьүүстээхтик атаара сылдьаллар.
Ол курдук, Стас иккис сылын олохтоох сылгы собуотун үүт астыыр сыаҕар көмөлөһөөччүнэн үлэлиир. Кини манна Созонова Александра Ореловналыын ферма ыанньыксыттарыттан уонна чааһынай дьонтон күн аайы 400-чэ киилэ үүтү тутан арыылыыллар уонна сүөгэйдииллэр. Оҥорон таһаарбыт үрүҥ илгэлэрин олохтоох нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаараллар. Стас былырыыҥҥыттан үлэлии үөрүйэх буолан, үлэтин ыарырҕаппат, олус сатабыллаахтык туттан-хаптан күҥҥэ иккитэ үүт тутан, сып-сап сылбырҕа туттунуулаах.
Оттон Стас тутан, сүөгэйин араарбыт үүтүн, (нууччалыы «обрат» диэн ааттанар) Татаринов Кеша ылан торбосторго аһатар. Кеша эппиэтинэһигэр 54 төбө сайылыыр. Хас биирдиилэрин Кеша олус таптаан бүөбэйдээн көрөр-истэр. Ол да иһин күн аайы бырдаҕы, ардаҕы, куйааһы аахсыбакка, ыраах баар фермаҕа хара сарсыардаттан ыла үлэтин күнэ саҕаланар. Торбостор саахтарын ыраастаан, отторун-ууларын хааччыйан, хас биирдиилэрин суосканнан үүттэрин аһатан, бырдахтан сойутан түбүгүрэр.
Маннык сыралаах үлэҕэ уолаттарбыт уһаарыллан тыа хаһаайыстыбатын, хара үлэни сатыы, билэ үөрэнэн олохторугар бигэ тирэхтээх, сатабыллаах, сахалыы киэҥник толкуйдуу үөрэнэллэр, эбиитин хамнас аахсан харчылаһаллар.
Винокуров Спира быйыл 8-ыс кылааһы бүтэрэн, бэс ыйын ортотуттан атырдьах ыйа бүтүөҕэр диэри бөһүөлэктэн тэйиэс баар Чоҥкуйа учаастагар сүөсүһүтүнэн үлэлии барбыта. Манна кини Винокуров Афанасий Иванович салалтатынан сылгыга уонна ыччат ынах сүөһүнү сайылатыыга көмөлөһөөччүнэн үлэлиир. Спира сыһыыга сылдьарын олус сөбүлүүр буолан бу үлэҕэ бэйэтэ баҕаран туран киирбитэ. Дьиҥэр, биһиэхэ Халымаҕа, сайыммыт олус бырдахтаах, оҥоойулаах буолан, сорох дьон бөһүөлэк да иһигэр сиитэлээх, бырдах эмэ суох сатаан сылдьыбаттар. Оттон сыһыыга, тыаҕа киһи этэ да барбат буоллаҕа… Ол эрэн, биһиги хоһуун уолаттарбыт онтон иҥнибэттэр, оҕо саастарыттан үлэҕэ үөрэнэн эр бэрдэ буолаллар.
Спира үлэтэ күнүстэри-түүннэри. Тоҕо диэтэххэ, бырдах хараанныыр кэмигэр сүөһүнү күнүһүттэн-түүнүттэн иҥнибэккэ сотору-сотору хаһааҕа кииллэрэн сойутар наада. Онтон бириэмэтинэн таһааран уулаталлар, түптэлииллэр, хаһааны ыраастыыллар. Онон күн солото суох түбүгүрүү. Куйаас, кураан сайыҥҥы кэмҥэ түптэ уотун кэтиир эмиэ туспа уустуктардаах.
Бу сайын Спира 80-ча төбө сүөһүнү сайылатар. Номнуо сайына ортолоон, үлэтин саамай ыарахан, уустук кэмнэрэ намыраан билигин от үгэнэ. Онон, быыс булан оттуур кэмнэрэ кэллэ.
Күһүнүн үөрэх дьыла аһыллыытын эттиин-хаанныын буһан, өйдүүн-санаалыын ситэн улааппыт, оттомурбут доҕорбутун көрсүөхпүт.
Винокурова Арина, 11 кылаас
Винокурова Каролина, 11 кылаас
Орто Халыма улууһун Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолата