«Кэнчээри» лааҕырбытыгар биир ураты умнуллубат түгэнинэн уйбаан-чэй үүнээйи сибэккититтэн мүөтү оҥорбут күммүт буолар.
Бастаан салайааччыбыт Ньургуйаана Семеновнаны кытта бөһүөлэктэн тэйиэс сиргэ баран, сибэккини хомуйбуппут.
Сибэккитин эрэ хомуйуу уустуга суох, манна сүрүнэ диэн үүнээйи умнаһын алдьаппакка сибэккилэрин эрэ тууруу буолар. Онон өр гыммакка, бары турунаммыт түргэнник хомуйан кэлбиппит.
Онтон лааҕырбытыгар аҕалан, остуолга тэлгэтэн, үчүгэйдик аһыллыбыт сибэккилэр эминньэхтэрин эрэ талан, ыраастаабыппыт, сууйбуппут.
Төһө эмэ элбэҕи хомуйбут курдук этибит да, ыраастанан, сууйуллан баран, сибэккибит эминньэҕэ олох аҕыйах буоларыттан соһуйбуппут.
Биир ыстакаан эминньэхпитигэр икки ыстакаан ууну кутан, оргута уурбуппут. 10 мүнүүтэ оргутан баран, сойутабыт. Онтон сибэкки эминньэхтэрин сиидэлиибит.
Ол кэннэ уутугар саахары кутан, өссө оргута түһэбит. Булкуйа туран, лимон кислотатын эбэбит уонна өссө кыратык оргута түһэбит. Бу тухары наар булкуйабыт. Түмүгэр наһаа үчүгэй тэтэркэй өҥнөөх, мип-минньигэс уонна доруобуйаҕа олус туһалаах сибэкки мүөтэ бэлэм буолла!
Лааҕырбыт повара Елена Тимофеевна, салайааччыбыт Ньургуйаана Семеновна буолан, мүөппүтүн оҥорон, олус астынныбыт. Иһиттэргэ кутуталаан, атыыга таһаардыбыт. Кырыа кыһыммытыгар сорҕотун хаһаанан, оскуолабыт фитобарыгар иһэн, доруобуйабытын бөҕөргөтүөхпүт.
Гея Винокурова, XI кылаас, «Эдэр корреспондент» пост.
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл.