Күһүҥҥү сынньалаҥмыт бүтэн, үөрэхпит бастакы күнэ олус сэргэхтик саҕаланна. Ол курдук, Аан дойдутааҕы оскуолабыт 5-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара «Большой этнографический диктант-2022» диэн акцияҕа кытынныбыт.
Диктаны икки бөлөххө арахсан суруйдубут. Бастакы бөлөххө — 5-9 кылаастар. Оттон иккис бөлөххө — 10-11 кылаастар уонна учууталлар. Диктант ыйытыылара олус интэриэһинэйдэр.
Диктаны суруйуу кыттыылаахтара олус сэҥээрбиттэрин, сөбүлээбиттэрин, кыратык эрэ ыарырҕаппыттарын туһунан кэпсииллэр. Бу тэрээһинтэн хас биирдиилэрэ элбэҕи бэйэлэригэр арыйбыттарын, билбиттэрин, толкуйдаабыттарын эттилэр.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.