Орто Халыма улууһун Г. Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолата дойдуга ыытылла турар «Саллаакка сурук» акцияҕа кыттыһан сурук суруйуутун тэрийдэ. Ол курдук, күһүҥҥү сынньалаҥ бириэмэтигэр алын кылаас үөрэнээччилэрэ саха саллааттарыгар бэйэлэрин баҕа санааларын, уруһуйдарын суруйдулар. Суруктарын үс муннуктуу туппакка, оригами ньыманнан эйэ холууптара быһыылаан суулаатылар.
Оҕолор бу суруктарыгар сэриигэ барбыт саллааттарга эрэллэрин, кинилэргэ бастыҥ баҕа санааларын истиҥ илдьит гынан бэркэ кичэйэн-мүһэнэн оҥордулар. Эйэлээх олоҕу баҕаралларын көрдөрөн суруктарын эйэ холууба гыммыттарын кэпсээтилэр.
«Эйэлээх олох эргийдин,”- диэн барыбыт баҕа санаабытын илдьит гынан эйэ холууптарын ыытабыт.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.