«Кэнчээри» лааҕыр иитиллээччилэрэ уйгулаах сайын хас биирдии былдьаһыктаах күнүн олус туһалаахтык атаараллар. Ол курдук, хоту дойду былыт курдук элбэх бырдаҕын аахсыбакка, самыыра суох күннээх күнү баттаһа, кучу от (Иван-чай) сибэкки сэбирдэҕин хомуйа таҕыстылар. Кучу чэйи хайдах хаһааммыттарын туһунан салайааччы Изабелла Ноговицына оҕолортон ыйыталаста.
Бөһүөлэктэн тэйиччи соҕус, уруккута кырса кыылы ииппит ферма диэки, сатыы биир чаас устата курдук хааман тиийэр кээмэйдээх сиргэ кучу чэй сэбирдэҕин хомуйбуппут. Манна бу үүнээйи олус хойуутук үүммүт этэ. Сэбирдэҕин умнаһын алдьаппакка ыларга лааҕырбыт салайааччыта Ньургуйаана Семеновна сүбэлээбитэ. Бары сүбэни тутуһаммыт олус түргэнник сэбирдэхпитин хомуйбуппут. Бары холбоон, икки таҥас мөһөөччүк сэбирдэҕи хомуйбуппут. Салапааҥҥа хомуйар табыгаһа суох эбит диэн билэбит.
Эля Сухомясова, 6 кылаас.
Хомуйбут сэбирдэхтэрбитин тарҕата кутан, биир күҥҥэ хатара уурбуппут. Иккис күнүгэр эргитэн биэрбиппит. Биһиэхэ лааҕырга Анжелла Андреевна Созонова кэлэн, сэбирдэҕи хайдах гынан хатаран, чэйи хаһаанарга үөрэппитэ. Лааҕыр оҕолоро бары төгүрүччү олорон, кинини үтүктэн оҥорон испиппит. Наһаа интэриэһинэй маастар кылаас ааспыта. Анжелла Андреевна кэпсээниттэн олус элбэҕи билбиппит.
Аан бастаан 20 сэбирдэҕи ытыска ууран эргитэҕин, оччоҕо кырачаан эриллэҕэс тооромостор тахсаллар. Ону эмиэ хатара уураҕын. Хатарар сирбит хараҥа уонна салгыннаах буолуохтаах.
Денис Винокуров, 6 кылаас.
Хаппыт тооромосторбутун ылан бытарытабыт уонна духовкаҕа өссө куурда угабыт. Наһаа минньигэс сыттаах буолар эбит. Өҥө оруобуна маҕаһыыҥҥа атыыланар хара чэйи маарынныыр буолар эбит. Оттон ытыска эрийбэккэ хатардахха, күөх чэй буолар үһү. Маннык хатаран, хаһааныы ньымаларын билэммит, бэйэбитигэр элбэх туһалаах арыйыылары оҥордубут. Онон интэриэһинэй көрсүһүүнү бэлэхтээбит Анжелла Андреевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Бэйэбит оҥорбут чэйбит олус минньигэс буоларын саарбахтаабаппыт. Кыһын оскуолабытыгар фитобарга иһиэхпит. Доруобуйабытын тупсарыахпыт, бөҕөргөтүөхпүт.
Эбиитин атыыга таһааран эргиниэхпит турдаҕа. Онно иис уруогар кыракый холуста мөһөөчүктэри тигэн, чэйбитин онно кутуталаан, моруоска сэбирдэҕин, сибэккитин эбэн, «Өлөөкө чэйэ» диэн дьаралыктаан бэлэмниибит. Атыыга олус хамаҕаттык тахсааччы.
Гея Винокурова, 11 кылаас.
1
❤️