Муус устар 7 күнүгэр “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ Өлүөхүмэ оройуонун үөрэнээччилэрин айар уонна гуманитарнай үөрэҕирии киинин иһинэн тэриллибит эдэр суруналыыстар түмсүүлэрин кытары көрүстүлэр. Сүлүөт сыала оҕо хаһыатыгар суруйуон баҕалаахтарга суруналыыстыка үөрүйэхтэрин билиһиннэрии уонна оҕолору төрөөбүт тылынан ааҕыыга уһуйуу буолар. Манна Кыыллаах, 1-Нөөрүктээйи уонна Абаҕа орто оскуолаларыттан 40-тах тахса кыттааччы холбонно.
Сүлүөт кыттыылаахтарын “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова, сүрүн редактор Татьяна Ильинична Жиркова, эдэр суруналыыстар Лигаларын эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Ирина Петровна Янкова эҕэрдэлээтилэр. Биһиги “Кэскил” хаһыат балаһаларын, редакцияҕа ыытыллар үлэни кытта билистибит. Ол курдук, цифровой контент, видеомонтаж, бэлиэтээһин (заметка), интервью, репортаж туһунан маастар-кылаас ыытылынна. Быйыл Өлүөхүмэҕэ ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах блиц-ыйытыктан элбэх интэриэһинэй чахчылары биллибит. Сүлүөт биир бэлиэ түгэнинэн биллиилээх блогер Катя Черкашинаны-ЧКРШ кытта көрсүһүү буолла.
Бу сүлүөккэ ылбыт билиибитин “Кэскилгэ”, оскуолаларбыт хаһыаттарыгар суруйарбытыгар туһаныахпыт. Инники өттүгэр эмиэ маннык тэрээһиннэр ыытыллыахтара диэн эрэнэбит.
Күннэй Егорова,
А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатын
IX кылааһын үөрэнээччитэ.