Мүрүтээҕи 15 №-дээх «Кэскил» оҕо саадыгар кыыс оҕо уратытын кыра эрдэҕиттэн учуоттаан иитии, үөрэтии болҕомтоҕо ылыллан ыытыллар. Ол курдук улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх кыргыттара дьиэ ис үлэтигэр сыстаҕас буолалларыгар иитээчччилэр сибэкки олордуутугар, ас астыырга дьарыгы таһынан эбии үөрэтэллэр.
Оҕо саадын салгына ыраас буоларыгар сибэкки арааһын олордон араскылаан үүннэрбит сибэккилэрин иһиттэргэ олордон, күннэтэ уу кутан бүөбэйдииллэр.
Онтон повар күнүн көрсө бу идэ туһунан, оҕолорго ким ас астыыр эбит диэн билсээри киэҥ-куоҥ кухняҕа өр сылларга кырачааннарга минньигэс-тотоойу аһынан күндүлүүр поварбытынаан Иванова Раиса Васильевналыын кыргыттар бэчиэнньэ астыырга үөрэннилэр. Бу аһы астыырга туох наадатын, төһөнү кутары, тиэстэни хайдах мэһийэргэ үөрэннилэр. Түмүккэ бэйэлэрэ астаабыт астарын оһоххо уган буһан тахсыбытыттан олус үөрдүлэр.
Күннэтэ маннык кыра эрээри, улахан суолталаах тэрээһиннэр кыыс оҕону үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтэн олоххо бэлэмнээх буолан тахсыыларыгар олук буолуо диэн эрэнэбит.
Лариса Михайловна Бурцева, иитээччи,
Мүрүтээҕи 15 №-дээх «Кэскил» оҕо саада, Уус Алдан.