Бүгүн, алтынньы 11 күнүгэр, аан дойду үрдүнэн Кыыс оҕо күнэ бэлиэтэнэр. Кыыс оҕо – омук анала, кэскилэ. Нарын-намчы кыргыттарбытыгар анаммыт хоһооннору ааҕан сэргэхсийэҕиҥ.
Кыыс оҕом
Сибэккилээх хонууга оонньоон,
Сибэкки кэриэтэ ситэҥҥин.
Сириэдийэ, тупса сырдаан,
Сир симэҕэ буолаҥҥын.
Кэрэ дьикти сэбэрэлээх,
Кэрэ Куо ааттанан,
Кэлэр кэскилбин кэҥэтээр,
Кэрэчээн маанылаах кыыс оҕом.
Остуоруйа дойдуттан ананан,
Олорор олохпун киэргэтэн,
Одун Хаантан оҥоһуллан,
Орто дойдуга түспүккүн.
Күндү мааны кэрэ Куо,
Күҥҥэ көрбүт соҕотох аанньалым,
Куруук күлэ-үөрэ мичээрдээ,
Куппун кууһан, толорон.
Аанньал тэҥэ холооммун,
Анаан айхаллаан ааттаан,
Айыыһыттарыҥ араҥаччылаатыннар,
Аартыккар сирдээтиннэр.
Сайылык Бүөтүрэ
Кыыс
Кыыс сибэкки курдук,
Кыыһы харыстыыр ордук,
Кини күннээх халлаан,
Биһиэхэ сырдык — Аан!
Харахтара мичээр куруук,
Хараҥаҕа сырдык сулус,
Саҥарара кэрэ сурук,
Сардаҥаҕа тэҥнээх олус!
Кыыс өрүү кэтэһэр,
Кыракый да үтүөҕэр,
Ыраас тылтан бэйэҕэр,
Ымыы буолан көтүтэр!
Ханнык баҕар сарсыарда,
Хаалларыма кытылга,
Холоон үтүөҕэ ыҥыр,
Хомотума айан суолгар.
Дмитрий Борисов
Кыыс — олохпут суолтата
Кыыс кыламаныгар тэҥнэһэн,
Күн сардаҥатын киэргэтэр,
Кыыс симэхтэрин сэгэтэн,
Сир киэргэллэрэ кэрэҕит…
Кыргыттар олохпут сулустара.
Тохтоло суох чаҕыл суһумнар.
Халлааҥҥа баар кэрэ көстүүлэр,
Эһиэхэ эрэ тэҥнээх күндүлэр.
Сибэкки дьөрбөтүн ууннарбын,
Баҕарыам айылҕа чээл күөҕүн.
Мичээргин сүрэхпэр туттарбын,
Доҕоттоор! Арчылаах буолуоҕум…
Аанньалга тэҥнэһэр күүскүнэн,
Тулаҕын үөрүүннэн иэйэҕин.
Күлүмнэс хараххыт кыымыгар,
Аан дойду барыта тутуллар!
Дмитрий Борисов
Кыыс мичээрэ
Кыыс мичээрэ түстэҕинэ —
Эн көмүстүү кынаттааххын,
Кыыһар сарыал дьирбиитинэн
Кыталыктыы дайаҕын.
Кыыс мичээрэ түстэҕинэ —
Сүрэххэр чаҕыл түһэр,
Сааскы күөх тыа кэтэҕиттэн
Кэҕэ этэрэ иһиллэр.
Кыыс мичээрэ түстэҕинэ —
Ыраах кустук тардыллар,
Сир көҕөрөн эрдэҕинэ
Сибэкки хамсыы тыллар.
Кыыс мичээрэ түстэҕинэ —
Эдэргин да кэрэҕин,
Арай сүрэх тэптэҕинэ
Үөһэ тыынан ылаҕын.
Петр Тобуруокап
Кэрэ кыыс
Эриэккэс кэрэ мөссүөннээх кыысчаан,
Үөрэр-күлэр мичээрдиир харахчаан,
Үрүҥ күнүм анныгар үнкүүлүүр,
Үрүмэччи буолан көтө дайан,
Күнү көрсө көрүлүү көччүйдэ,
Ситтэрбэккэ сиккиэр тыаллыын көтө дайда.
Кэрэ кыыс, ырыам тылын
Кэрэ нарынын дууһата,
Кэрэ кыыс таптыыр сүрэх
Кистэл иэйиитин таайыыта.
Ефим Авелов