Саҥа үөрэх дьылынан барыгытыгар эҕэрдэ! Оҕо ааҕыытын киинэ быйылгы үөрэх дьылыгар “Кыыллар бары эйэлээхтэр, кэккэлэһэ олороллор” диэн бырайыагы бэлэмнээтэ. Кыыллар туһунан хоһооннору түмэн билиһиннэриэхтэрэ. Бу үлэни уопуттаах бибилэтиэкэр Галина Власьевна Ильина сүрүннүөҕэ. Эйэлээх кыыллар туһунан биир ситимҥэ түмүллүбүт хоһооннору ааҕыҥ, сэргээҥ, үлэҕитигэр, үөрэххитигэр туһаныҥ.
Куобах туһунан хоһооннор
Григорий Данилов
Куобахтар ырыалара
Куруҥ тыаҕа мустаммыт,
Куобахчааннар элбэхпит.
Иллээх кэргэн буоламмыт,
Иирсээн диэни билбэппит.
А. Николаев
Куобах
Быһыйкаан атахтаах,
Быччаҕаркаан харахтаах,
Кылбаа маҥан куобахчаан
Кыһалҕата сүр баһаам.
Мутук тыаһа киниэхэ —
Буомба буолан иһиллэр,
Кутталыттан сэрэххэ
Куобах сытан кирийэр.
Туора-маары ыстанар,
Мунаах, мунньан суолунан
Булчуттары муннарар.
Өрүү хоргус бу кыылга
Өстөөхтөрө үгүстэр,
Алдьархайга, кутталга
Атахтара түргэттэр.
Иннокентий Артамонов
Куобахчаан
Куобахчаан курдук
Куттас куһаҕан, —
Алдьархай буоллун –
Атаһын уган
Атахха биллэриэ,
Айдааҥҥа киллэриэ.
Куобахчаан курдук
Куттас куһаҕан, —
Киниттэн дьоһун
Киһи тахсыбат.
Кэннигэр тэпсэҥниэ,
Куобахтыы кирийиэ.
Куобахчаан курдук
Куттас куһаҕан, —
Сэриигэ ордук
Сиэртибэ буолан,
Буулдьаны уобар,
Бастакы охтор.
Куобахчаан курдук
Куттас куһаҕан, —
Дууһатын харыстаан
Дойдутун атыылыа,
Өлүүттэн куттанан
Өстөөххө таҥнарыа.
Куобахчаан курдук
Куттас буолумаҥ, —
Кырдьык туһугар
Хоодуоттук туттуҥ,
Хорсунтан тахсаллар
Хотойдуу геройдар!
Семен Данилов
Пугливый заяц
Заяц робок и пуглив,
Ушки на макушке…
Он искал, снежок разрыв,
Корму на опушке.
Он сновал туда-сюда,
Повалялся малость,
Хоть неважная, еда
Все ж ему попалась.
А когда пришел рассвет,
Заяц вспомнил – места нет,
Где ему укрыться,
И давай трудиться,
Прыг да прыг,
За кругом круг,
След идет – и нету вдруг!
Ты вернись и погляди:
Хитрый заяц позади.
Прыгнул в сторону зверек,
Далеко, как только мог,
И, забравшись за пенек,
Поплотней к земле прилег.
Чтоб найти его сейчас,
Вы глядите в оба.
Может, в двух шагах от вас
Дремлет он в сугробах.
В. Степанов
Заяц
Прокатился шум лесной –
Под кустом притих косой.
Уши длинные прижал…
Долго эхо провожал.
Даниил Хармс
Раз, два, три…
Раз, два, три, четыре, пять!
Вышел зайчик погулять.
Запер домик на замочек
И пошел в универмаг
Покупать себе платочек,
Лампу, зонтик и гамак.
Эһэ туһунан хоһооннор
Петр Одорусов
Эһэ
“Тыатааҕы” диэн ааттаахпын,
Тыаҕа, ойуурга баарбын.
Кыһынын утуйабын,
Арҕахха сынньанабын.
Иннокентий Эртюков
Эһэ
Эһэ сууйар оҕолорун –
Мэниктээн киртийбиттэрин,
Дьабах сирэй, хоруо мурун,
Дьаабы дьоннор эбиттэр.
Оҕолоро – аһайдар,
Суунуохтарын баҕарбаттар.
Баал Хабырыыс
Эһэ хайдах бултууруй?
Эһэ отоннуур, сугуннуур,
Эр бэрдэ оннооҕор кустуур.
Кустууру күтүрүҥ сатыыр,
Киирэн ууну ураҕастыыр.
Хомус быыһыттан, кутаттан
Хонууга кус саһа куотар.
Ууну өрө күллүргэтэн
Ураҕастаан эһэ бүтэр.
Хонууга тахсан дьэ ирдиир,
Кус оҕолорун итигэстиир.
Булбутун тута сиэн испэт,
Бииргэ мунньан кэккэлэтэр.
Үс-түөрт бараны ордорон,
Уораллар үһүлэр дьоннор.
Суоччутунан барбах эбит, —
Сүтүктүү барбат эһэбит.
Саталлаах, сүр өйдөөх кыыл эһэ,
Салбанан ыйыстан кэбиһэр.
Кыра да хаалбат ээ Эһэҕэ,
Кымырдаҕастыа дуо, дэлэҕэ.
Баал Хабырыыс
Эһэ тууну көрөр
Сөтүөлүү сөрүүргүү
Сайын сэмсиир ууну.
Уоран көрөр өрүү
Угуллубут тууну.
Туу тылбыытын сүөрэр.
Түөкүн эбээт эһэ!
Туох киирбитин түөрэ
Сиргэ сүөкээн кээһэр.
Тылбыы эрэбэччитин
Уга сатаан мөхсөр.
Кини – киҥ иччитэ
Кырдьыгыныыр көхсө.
Тылбыы эрэбэччитин
Сатаан укпат Эһэ.
Тууну киҥ иччитэ
Үлтү тэпсэн кээһэр.
Куобах уонна Эһэ туһунан остуоруйалары бу ссылкаларынан киирэн көр
https://youtu.be/P289PFDNeH4 https://youtu.be/KK0j5TvmpQQ
1
Мин себулээтим, барытын ийэбин кытта аахтым.