Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан орто оскуолатын IV кылаас үөрэнээччилэрэ улуу С.А.Зверевка анаан сурубут хоһоонноро. Кылаас салайааччыта Марта Васильевна Яковлева.
Ыгыаттаттан төрүттээх
Ытык киһибит Сибиэрэппит
Ырыатын, хоһоонун ааҕабыт,
Тойуктарын туойабыт.
Мусуойугар мэлдьи сылдьабыт,
Эбии тугу эрэ билэбит,
Сүдү киһибит аатынан
Киэн тутта улаатабыт.
Айнура Титова.
Сэргэй Сибиэрэп- Кыыл Уола
Ыгыаттаҕа олорбута,
Хоһоон суруйан, үҥкүү айан
Оһуокайдаан аатырбыта.
Сахалыы таҥас кэтэн
Олорон олоҥхолуур,
Үйэлэргэ үгэспитин
Өйдүүргэ үөрэтэр.
Аделаида Иванова.
Сэргэй Сибиэрэп-Кыыл Уола!
Өйдүүбүт өрүү, киэн туттабыт!
Кини олоҥхоһут, ырыаһыт,
Үҥкүүһүт, оһуокайдьыт’
Эйигин мэлдьи саныыбыт
Олоҥхоҕун ааҕабыт.
Эн биһиги сүрэхпитигэр
Куруутун баар буолаҕын.
Саян Алексеев.
Улуу Сибиэрэпкэ
Учууталбыт биһиэхэ
Биир киһини кэпсиирэ,
Өйдөөн истиҥ, оҕолоор,
Улуу Һибиэрэп туһунан.
Олоҥхоһут, тойуксут,
Ырыаһыт да үҥкүүһүт
Олорон ааспыт эбит
Ыгыаттабыт сиригэр.
Элбэх оҕону уһуйбут
Арааска да үөрэппит.
Эһэлэрбит саҕаттан
Муспутуттан бэрсибит.
Быйыл Кини үбүлүөйэ,
Өрөгөйдөөх сыла,
Бука бары уруйдуубут
Өрө, үөһэ тутабыт.
Станислав Тихонов.
1
Наьаа учугэйдэр