Ньурба оройуонун Хаҥалас орто оскуолатын «Туллукчаан» ансаамбылын оҕолоро Кытайга Удалянчи куоракка баран «Дружба-2024» фестивальга кыттан кэллибит. Салайааччыбыт Иванова Милена Прокопьевнаны кытары 19 буолан олус үчүгэйдик сырыттыбыт. Ол түмүгэр биһиги 1 истиэпэннээх лауреат аатын сүктүбүт.
Саҥа сиргэ сылдьан ситиһиилэнэн үөрүүбүт үгүс. Кытайга сылдьан элбэх оҕону кытары билистибит, араас экскурсияҕа, музейдарга, вулканы, дьикти күөллэри көрбүппүт, таһырдьа сылдьан оонньообуппут. Хаар оҥоһуктар, араас уот тыгар, таһырдьа сылаас уонна олус кэрэ — бу түгэн мин өйбөр умнуллубаттыы хаалан хаалла.
Саха сириттэн бу фестивальга биэс ансаамбыл баран кытынна, биһиги кинилэрдиин ыкса билистибит, доҕордостубут. Айаммытыгар поеһынан, автобуһунан сырыттыбыт. Кытайга сырыыбытыгар олус элбэх интэриэһинэйи, кэрэни уонна дьиктини көрдүбүт.
Саҥа сири көрдөрбүт учууталбытыгар Милена Прокопьевнаҕа уонна төрөппүттэрбитигэр улахан махтал буоллун! Өссө да ситиһии биһигинниин эҥэрдэһэн сылдьыаҕа!
Лияна Фёдорова, 7 кылаас үөрэнээччитэ.
«Ыллык» пост, Ньурба, Хаҥалас.