Аан дойдуга тымныытынан аатырар Өймөкөөн туһунан Давид Канаев остуоруйатын ааҕыҥ, истиҥ, сэргээҥ!
Былыр-былыр Кырыа Боотур диэн киһи олорбут. Кини Хаһыҥ удьуордарыттан төрүттээх эбит.
Кыһын буолуута дьиктитик уларыйан хаалар идэлэммит. Халлаан тымныйдаҕына, оройуттан муос үүнэн тахсар буолбут. Боотур соһуйан, дьикти көстүүттэн хайдах төлөрүйэрин туһунан толкуйдаабыт. Үрдүкү Айыылартан сүбэ ыларга санаммыт.
Дьылҕа Хаан киниэхэ хоту сиргэ тиийэн, тымныыны уһатар аналлааҕын ыйан биэрбит. Кырыа Боотур таптаабыт сирин булан ылбыт. Ол сирин Өймөкөөн диэн ааттаабыт. Бу кэрэ сир Кырыа Боотур сүрэҕэр букатыннаахтык биһирэммитэ.
Дьэҥкир ыраас уулаах, сүүрүктээх өрүһү Индигиир диэн сүрэхтээбит. Бу өрүс салааларын хоту дойду араас сирдэринэн тилэри устарын курдук тэниппитэ.Өрүс кытылыгар,Үрүҥ Айыыттан көрдөһөн, киһи-аймаҕы үөскэппит. Дьон-сэргэ олохсуйарыгар анаан, очуос таас хайаларынан чубуку диэн кыылы сүүрдүбүт, ойуурдарыгар тайаҕы, куобаҕы уонна кыыл табаны ыыппыт. Индигиир үрэҕэр дьарҕаа, сүрү ,быйыт диэн араас балыктары тарҕаппыт.
Ити курдук үөскээбитэ эбитэ үһү аан дойдуга тымныытынан аатырар Өймөкөөн диэн сир. Дьон-сэргэ күн бүгүнүгэр диэри манна эйэ дэмнээхтик олороллор.
Кырыа Боотуру тымныыны харыстаан тутарын иһин олохтоохтор Чысхаан диэн ааттыыр буолбуттара үһү.
Ааптар: Давид Канаев,
Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ.