Мин Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Сайыҥҥы спартакиадатыгар сылдьаммын кыргыттар тустууларын туһунан дьон санаатын ыйыталастым.
Владимир Николаевич сиэнигэр Эрхан Куличкиҥҥа «ыалдьа» кэлбит.
– Тустуу биһиэхэ, сахаларга, бастакы нүөмэрдээх спорт көрүҥэ буолар. Быйылгы спартакиадаҕа кыргыттар тустуулара киирбитэ сонун хайысха буолла. Ол гынан кыыс оҕо аата кыыс оҕо, айылҕаттан нарын-намчы диэн өйдөбүллээхпин. Баҕар, көрө үөрэнэ илик буоламмын буолуо, тута ылына охсубатым. Аһаҕастык эттэхпинэ, кыргыттар тусталларын улаханнык сэргээбэппин. Спорт диэн спорт, биир сиргэ турбат, сайдан иһэр, ол иһигэр тустуу эмиэ.
Афанасий Афанасьевич Адамов, Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ:
– Сайыҥҥы спартакиадаҕа түөрт кыыһы аҕалан кытыннара сылдьабыт. 40 кг Айна Дмитриева боруонса мэтээли ылла. Кыргыттар тустуулара олимпийскай көрүҥҥэ киирэр. Онон инникитин сайдар кыахтаах. Айна бүгүҥҥү ситиһиитэ биһиги оскуолабытыгар кыргыттар тустууларын сайыннарыыга көмөлөһүө дии саныыбын.
Алена Ксенофонтова,
«Кэскил» медиа-оскуола юнкора, Хадаар, Чурапчы.