Дьокуускай куоракка “Аламай” чааһынай оскуола баар. Манна кыргыттар эрэ үөрэнэллэр. Холобур, II кылаас үөрэнээччилэрэ бары кыргыттар. Кинилэр үөрэҕи таһынан, кыыс оҕо нарын-намчы, ураты, кэрэ эйгэтин иҥэринэллэр. “Чуораанчык” сурунаалы кытта ыкса үлэлэһэллэр. Кылаас салайааччыта — Акулина Семеновна Степанова.
Быйыл “Чуораанчык” сурунаал алтынньы ыйынааҕы нүөмэригэр “Оҕолор айаллар” рубрикаҕа Дайаана Максимова, Сардаана Диодорова, Олеся Кельциева, Айыына Тарабукина хоһоонноро бэчээттэннэ. Оҕолор бары 100 % кылааһынан суруйтарбыттара, бүгүн бастакы сурунаалларын илиилэригэр тутан олус үөрдүлэр, бэйэлэрин көрөн астыннылар! Мантан ыла сурунаалга бэчээттэммит илии оҥоһуктарын бэйэлэрэ оҥоруохтара, остуоруйалары ааҕыахтара,билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтиэхтэрэ.
Бүгүн алтынньы 11 күнүгэр аан дойду үрдүнэн кыыс оҕо күнэ. Кыргыттар сүрдээх үчүгэй, умнуллубат бэлэҕи туттулар. Инникитин «Чуораанчыктыын» бииргэ буолуохтара диэн эрэнэбит!
Нюргуяна Захарова