Дьыл оҕуһун иккис муоһа тостубут буолуохтаах этэ да, халлаан тымныыта сүрдээх. Сарсыарда киһи тыына сырылыыр дьыбардаах. Ол эрээри күн биллэрдик уһаата, тула өттүбүт кэм сырдаата. Күнүһүн, бэл, ылаарыах да курдук гынар.
Ити да буоллар Ньукулай оҕонньор кыһын быйылгы курдук уһаабытын өйдөөбөт. Ол, арааһа, саас кэлэрин, дойдутугар тахсарын кэтэһэрэ бэрдиттэн эбитэ дуу… Тугу да гыммакка дьиэҕэ олорортон атын таҥара накааһа суох да быһыылаах. Саатар оһох оттуоҥ, тиэргэн хаарын күрдьүөҥ дуу. Суох. Толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ олороллор. Үлэтэ диэн, уулусса уҥуор турар маҕаһыынтан килиэп атыылаһыы, биирдэ эмэ бөхтөөх мөһөөччүгү таһаарыы. Уонна күнү быһа сыта-олоро сатыыртан хал буолла, ханнык да күүстээх үлэттэн сылайбытынааҕар сындалыйда. Кыыһа, күтүөтэ: “Аҕабыт баар буолан абыраата, бэлэм аска кэлэбит”, – дииллэр. Кинилэргэ, үлэһит, күн бокуойа суох дьоҥҥо, кырдьык, бэрт буолуо.
Онтон оҕонньор тэһийбэтэ, тулуйбата. Этэргэ дылы, сыапка олорор ыттыы улуйара эрэ хаалла. Халлаан арыый сымныыра буоллар, били, Сэргэй уолга эрдэттэн илдьиттээн, дьиэтин отуннарар, дойдутугар тахсар бигэ санааны ылыммыта ыраатта. Оҕолоро соҕотоҕун хайаан олоруоххунуй диэн ыытымаары дьирээлэһэллэрэ чахчы. Ону санаатар эрэ, эрдэттэн суоһурҕанан, кыыһыран киирэн бараары гынар.
Соҕотоҕун олорор, кырдьык, чуҥкук соҕус да, манна тэҥнээх буолуо дуо? Хайа, мууһуҥ, маһыҥ, сүөһүҥ-аһыҥ… Киһи аралдьыйара элбэх буоллаҕа. Ньукулай билигин да «тэп» курдук сананар. От оҕустаҕына, мас мастаатаҕына үлэлии үөрүйэҕэ суох эдэр уолаттардааҕар баҕас таһыччы кыайыылаах-хотуулаах. Сааһа да соччо ыраата илик. Быйыл алта уон сэттэтин туолбута. Аҕата тоҕус уонуттан тахсан, эһэтэ сүүс үһүгэр тиийэн өлбүттэрэ. Онон, кинилэргэ холуйдахха, оҕо буоллаҕа дии.
Эмээхсинэ Өрүүнэлиин, түөрт уонтан тахса сыл бэрт эйэ дэмнээхтик олорон, биэс оҕону улаатыннаран кэлбиттэрэ. Өрүүнэтэ, өссө да олоруох киһи, куртах рагыттан өлбүтэ үһүс сыла буолла. Оҕолор улаатан, үлэһит буолан, куоратынан, тыанан тарҕаспыттара ыраатта. Быйыл, кыра кыыһа хаайан, куоракка кыстаата. Маҥнай өссө сүөһүтүн-аһын эһэн, букатын көһөрөн киллэрээри гыммыттарын ыыра ылымматаҕа. Сүөһүтэ, сылгыта суох хайдах олоруон өйө хоппотоҕо. Онон сыл тахсар отторун хааччыйан, хамнаһын төлөөн туран, төрүүр икки ынаҕы кытта тыһаҕастаах борооскуну дьоҥҥо көрдөрөргө кэпсэппитэ.
Сэргэйдээх хара үлэҕэ сыстаҕас, бүгүрү бөҕө дьон. Онон оҕонньор ити чааһыгар баҕас бөҕөх. Тэллэх баттаһа олорор буолан, сүөһүлэрэ бэйэлэрин хотонноругар тураллар. Оҕонньор бэйэтэ таҕыстаҕына түөрт сүөһү көрүүтүн тулуппат. Биэтэ уонна көлүнэр ата сылгыһыт Дьөгүөргэ хаалбыттара. Быйыл дьыла үчүгэй, онон дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар этэҥҥэ сыл тахсаллар ини.
Ньукулай, Саҥа дьыл иннинэ, сэргэхсийэ таарыйа, үһүс сылын уолугар киирэн, кыстаан олорор Маайа эмээхсиҥҥэ баран кэлбитэ. Маайа эдэригэр иирэ талах курдук имигэс быһыылаах-таһаалаах, бэрт намыын, ис киирбэх кыысчаан этэ. Билигин даҕаны, төһө да үгүс дьыл хаара баттаатар, сааһынааҕар быдан эдэр көрүҥнээх. Сэрии ыар сылларыгар Ньукулайдыын биир кылааска үөрэммиттэрэ, интэринээккэ бииргэ олорбуттара. Төрөппүттэрэ сүөһү көрөн, Мэччиргэлээх диэн алааска кыстыыллара. Онон өрөбүллэргэ өрүү аргыстаһан дьиэлэригэр баран кэлэллэрэ. Наһаа тапсар, сөбүлэһэр этилэр. Сэрии бүттэҕин дьыл Маайа дьоно атын холкуоска көспүттэрэ. Ньукулай ол дьыл ыалдьан, үөрэммэккэ хаалбыта. Икки сыл буолан баран, Маайаны сайын ыһыахха көрсүбүтэ да кэпсэппэтэҕэ. Онтон күн бүгүнүгэр диэри кэмсинэр. Кыыс эт туппут, сиппит-хоппут этэ. Сиидэс ырбаахылаах кыыһы көрөөт, Ньукулай тоҕо эрэ сүрэҕэ мөҕүл гына түспүтэ уонна кыбыстан, Маайаттан тэйиччи сылдьыбыта. Итинтэн икки сыл кэриҥэ буолан баран, Маайа кэргэн тахсыбытын истибитэ. Тула өттө олус курус, санньыар буолан көстүбүтэ.
Онтон ыла атах тэпсэн олорон, ирэ-хоро кэпсэтэ иликтэр. Биирдэ эмэ көрүстэхтэринэ, үлэ-хамнас, сүөһү-ас туругун туһунан быһыта-орута кэпсэтээччилэр. Маайа кэргэнэ Түмэппий, бэрт ыһыы, үлэһит киһи, сахалыы эттэххэ, охсор охсон, сылтан ордук суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, ыалдьан өлөөхтөөбүтэ. Ийэтэ соҕотох хаалбытын уола куоракка көһөрөн киллэрбитэ.
(Бүтүүтүн «Кэскил» хаһыат 49 №-гэр аах).
Данил Макеев.