Сэтинньи 24 күнүгэр Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин «Кустукчаан» улахан бөлөх оҕолоругар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» чэрчитинэн «Ийэм уонна аҕам – мин күндү дьонум» диэн тиэмэнэн дьарык ыыттыбыт. Оҕолор төрөппүттэрин толору ааттарын, ханна үлэлииллэрин, ийэҕэ, аҕаҕа көмөлөрүн туһунан кэпсэттибит.




Оҕолор таабырын таайдылар. «Истиҥ тыллар» диэн оонньууну оонньоотубут. «Дьыл хаамыытынан ыал үгэһэ» дьарыкка туттуллар көмө матырыйааллары туһанан, таһырдьа үлэ-хамнас туһунан сэһэргэһии кэннэ уруһуйдаатылар, сорудаҕы толорон, туох туттар тэрил тиийбэтин ситэрэн силимнээтилэр.

Дьарык түмүгүнэн, оҕолор дьиэ кэргэн иһигэр истиҥ сыһыаннаах, бэйэ- бэйэҕэ болҕомтолоох буоларга баҕа санаалара улаатта.

Айталина Юрьевна Ильина,
Софья Константиновна Яковлева,
Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин “Кустукчаан” улахан бөлөх иитээччилэрэ
keskil14.ru
