Мин оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар, «Кэскил» хаһыаты суруйтаран, олус сөбүлээн ааҕар этим. Өссө оскуолам, оройуонум, «Табык» этно-рок бэстибээлгэ сырыым туhунан уонна аҕыйах хоhооннорбун хаста да бэчээттэтэн турабын. Бүгүн эhиэхэ өр иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаабын, олоххо киллэрбит бырайыагым туhунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Кыыс оҕо айылҕатынан ийэ буолар аналлаах. Оҕото доруобай, чөл олохтоох, төрөөбүт сирин таптыыр, туhалаах киhи буоларыгар баҕарар. Онно барытыгар бастакы олугунан оҕо төрөөбүт тылын билиитэ буолар.
Биһиги ыал 3 оҕолоохпут. Кыраларым игирэлэр — кыыстаах уол. Биир саастарын аастылар. 5 ыйдарыттан хартыыҥкалары, кубиктары, араас сайыннарар оонньуурдары көрдөрөн, туттаран барбытым. Онно өйдөөн көрдөххө, кыра оҕолор “Доман карточката” диэн аатынан киэҥник биллэр, өҥнөөх уруhуйдаах карточканы наһаа сөбүлүүллэр эбит. Карточкаҕа ойуу анныгар бэридимиэт аата, кэннигэр сиhилии быhаарыы сурук баар.
Онон бэйэм сахалыы карточканы оҥорорго быһаарыммытым. Онтум, доҕоор, наhаа боростуой үлэ буолбатах эбит. Ол кэмҥэ магистерскай диссертациябын суруйа сылдьар буолан, карточкаларбын оҕолорум утуйбуттарын кэннэ түүннэри оҥорорум. Иккис ааптарынан сүбэлээн-амалаан көмөлөспүт аҕам буолар. Итинник үлэлээн, 30 карточканы бэлэмнээтибит.
Карточкалар тулалыыр эйгэни, айылҕа араас көстүүтүн, дойдубутугар үүнэр сир астарын уонна саха ыала иитэр дьиэ кыылларын туһунан өйдөбүл биэрэр аналлаахтар. Кылгас быһаарыылаахтар, таабырыннаахтар.
Билигин мин бэйэм оҕолорум былдьаһа-былдьаһа, бэйэ-бэйэлэригэр көрдөрө-көрдөрө, карточкаларынан тыллар суолталарын үөрэтэллэр.
Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт тылынан иитилиннэҕинэ, өйдүүр дьоҕура, билиини ылынар үөрүйэҕэ ордук күүскэ сайдарын умнуо суохтаахпыт.
Ааптар: Ольга Птицына.