Үһүс нүөмэрдээх «Чебурашка» оҕо сайдар киинигэр «Суолтан сэрэхтээх буолууга» ГАИ сотруднига кэлэн суол быраабылатын кэпсээтэ уонна көрдөрдө.
Оҕо улахан киһитэ суох суолга сылдьыбатын, сатыы киһи сылдьар суолунан эрэ сылдьыахтааҕын, тротуар уҥа өттүн тутуһан, уулуссаҕа ыксаабакка, бытааннык хаамыллыахтааҕын кэпсээтэ. Кырачааннар олус интэриэһиргээн иһиттилэр. Полиция сотруднигын өссө кэлэн кэпсээр диэн санааларын эттилэр.
Анисия СЕМЕНОВА, медиа-киин эдкора, Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолата.