Алтынньы 1 күнэ – Муусука күнэ. Мин бүгүн кэпсэтэр кырачаан муусукааным Юнона Семенова буолар. Кини СӨ Муусука Үрдүкү оскуолатыгар V кылааска үөрэнэр. Кинини аҥаардас көрдөххүнэ да, муусука нарын дорҕоонноро кутуллан кэлиэх курдуктар. Онтон талан ылбыт арфатын аттыгар олорон синньигэс тарбахтарынан тардыалаан бардаҕына, иннигэр олус кэрэ, дьикти эйгэ арыллар…
— Юнона, эн муусука эйгэтигэр хайдах киирбиккиний?
— Мин муусуканан дьарыктаммытым номнуо түөрт сыл буолла. Дьокуускайдааҕы классическай гимназияҕа II кылааска үөрэнэ сылдьан, 1 нүөмэрдээх Оҕо уксуустубатын оскуолатыгар хор салаатыгар туттарсыбытым. Онно биир сыл дьарыктанан баран, сайыҥҥы сынньалаҥмар Муусука Үрдүкү оскуолатын лааҕырыгар сылдьыбытым. Олус сөбүлээбитим! Лааҕырга сменэ бүтүүтэ эксээмэн туттарбыппыт, онно миигин арфа кылааһыгар ылбыттара.
— Оскуолаҕытыгар пандемия иннинэ үөрэххит хайдах ааһар этэй?
— Сарсыардааҥы аһылык инниттэн арфабар оонньуурум. Аһаан баран оскуолабытыгар көннөрү оскуола предметтэригэр үөрэнэрбит. Эбиэт кэнниттэн муусукаҕа сыһыаннаах уруоктар буолаллара. Ол курдук фортепианоҕа дьарыктанар этибит. Өссө сольфеджионы, ритмиканы уонна муусука литературатын үөрэтэрбит. Киэһээҥи аһылыкпытын аһаан баран эмиэ бэйэбит инструменнарбытын ылан оонньуурбут. Кулун тутар ыйтан дьиэбитигэр олорон үөрэнэбит. Арфанан дьарыкпыт тохтоон турар. Оскуолабын олус диэн ахтабын. Миэхэ Тымныы Оҕонньор кыра арфа бэлэхтээбитэ. Соло булларбын эрэ онно оонньоон ахтылҕаммын таһаарабын.
— Эн тоҕо ити инструмены талбыккыный?
— Аан бастаан оскуолаҕа киирэрбэр эксээмэн тутар хамыыһыйаҕа Лидия Павловна Новгородова диэн саха норуотун арфистката, СӨ норуодунай артыыската, СӨ Муусука Үрдүкү оскуолатын профессора миигин бэйэтигэр ылбыта. Кини миигин ис киирбэх көрүҥнээххин, нарын тарбахтардааххын диэн бэлиэтээбитэ. Арфа бастакы билсиһииттэн куппут-сүрбүн туппута. Аттыгар олороот, нуоталарынан оонньообутунан барбытым…
— Өссө ханнык муусука инструменнарыгар сатаан оонньуугун?
— Этэн аһарбытым курдук, биһиги оскуолабытыгар фортепианоҕа бары сатаан оонньуохтаахпыт. Ону таһынан хомуһу, укулеле диэн гитараҕа майгынныыр инструмены сатыыбын.
— Арфанан ханнык репертуардары оонньуургун сөбүлүүгүн?
— Бах, Моцарт, Бетховен айымньыларын ордук чугастык ылынабын.
— Уустук айымньылары оонньуургар хайдах бэлэмнэнэҕин?
— Ис-испиттэн сааһыланабын. Оннук эрэ гыннахха айымньыны муусука нөҥүө дьоҥҥо тиэрдэҕин.
— Бэйэҥ муусука таһааран холонооччуҥ дуо?
— Иэйиим киирдэҕинэ, фортепианоҕа оонньоон нуоталары таһаарабын уонна тэтэрээккэ сурунабын.
— Саҥа саҕалаан эрэр кырачаан муусукааннар туохха ыарахаттары көрсүөхтэрин сөбүй?
— Бастатан туран, муусука тылын билэ үөрэниэхтээх. Ол эбэтэр, нуоталары, тэтими уонна да атыны. Мин аан бастаан арфаҕа оонньуурбар олус улахан этэ. Бэйэм кыра буоламмын, үрдүк үктэлгэ олорорум, атахпынан үлэлиирбэр аналлаах олордуу төһүүлэри туттарым. Кэнники улаатан уһаан, сөрү-сөпкө олорон оонньуур буолбутум.
— Мин өрүү биири билиэхпин баҕарабын. Муусукааннарга нуотаны ааҕыы син биир кинигэни ааҕыы кэриэтэ буолуо дуо?
— Оннук диэххэ сөп. Урут барытын биир кэлимсэ мээнэ эриллэҕэс оһуор курдук көрөр эбит буоллахпына, билигин иҥнибэккэ “ааҕабын”.
— Юнона, кэпсээниҥ иһин махтал! Эн курдук муусука эйгэтигэр убаныан баҕалаах биир саастыылаахтаргар тугу тиэрдиэҥ этэй?
— Муусукаҕа дьиҥнээх күүстээх баҕалаах оҕо сыстар дии саныыбын. Миигин төрөппүттэрим гимназияҕа үөрэттэриэхтэрин баҕарбыттара, ыыта сатаабатахтара. Ону баҕа санаам баһыйан, күүскэ туруорсубутум. Муусука эйгэтэ олус кэрэ уонна аптаах!
Вера Петрова