Оҕолоор, туох дии саныыгыт, төрөөбүт айылҕабытын харыстааһыҥҥа биһиги тугу оҥоруохпутун сөбүй?
Бу суолталаах ыйытыыны быһаараары, 13 нүөмэрдээх «Светлячок» уһуйаан кырачааннарыгар «О Фиксиках» мультигы көрдөрөн, сценкалары туруоран, оонньотон, үлэ араас көрүҥүн ыыттыбыт.
\Тулалыыр эйгэбит чэчирии сайдарын туһугар үлэбитин бэйэбит тиэргэммититтэн саҕалаабыппыт. Биир сүрүн хайысхата — «Кырачаан батарейка улахан буортута» (“Большой вред маленькой батарейки”) диэн бырайыак.
Туох баар оонньуурдарбыт, дьиэҕэ туһалаах малларбыт бары батарейката суох үлэлээбэттэрин билэҕит. Оттон туттуллан бүттэҕинэ, ханна гынабыт?!
Биир соҕотох батарейкаҕа ртуть, сибиниэс, кадмий курдук доруобуйаҕа буортулаах, олус кутталлаах металлар бааллар эбит. Өскөтүн батарейканы мээнэ бырахтахха, дьааты таһааран, салгыны буортулуур, сири-дойдуну киртитэр. Ол түмүгэр кыылларга, дьоҥҥо искэн, төбө, ньиэрбэ ыарыылара үөскүөхтэрин сөп.
Бастакынан, уһуйаан үрдүнэн туттуллубут батарейкалары хомуйууга «Батарейка, бэрин!» (“Батарейка, сдавайся!”) ааксыйа биллэриллибитэ. Төрөппүттэр, үлэһиттэр уонна оҕолор күүстэринэн ааспыт үөрэх дьылыгар 40 кг, быйыл 9 кг хомулунна.
Туттуллубут батарейкалары суох оҥорор аналлаах тэрилтэҕэ туттарбыппыт.
Оҕолоор, төрөөбүт Сахабыт сирин тулалыыр айылҕата тупсарын туһугар бары бүттүүн турунуоҕуҥ диэн ыҥырабыт.
13 нүөмэрдээх «Светлячок» уһуйаан.
Дьокуускай.