Кыһыҥҥы өрөбүллэрбэр эдьиийим аах чааһынай «Комфортно» иһит-хомуос, сувенирдар уо.д.а. маҕаһыыннарыгар атыыһытынан үлэлээн көмөлөстүм. Инникитин олохпор туһалаах буолуо дии саныыбын. Билиҥҥи үйэҕэ оҕо кыра сааһыттан финансовай грамотность туһунан билэ уонна онно бэлэмнээх буола улаатыахтаах.
Ол курдук, быйыл биһиги улууспут баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев улууспутугар «Бэйэ дьыалатын арыныы» сылынан биллэрбитэ олус биһирэбиллээх суол. Алын кылаастар оҕолоругар билигин «Финансовая грамотность» киирбитэ эмиэ олус туһалаах. Мин эдьиийдэрим үксүлэрэ суот-учуот үөрэхтээхтэр. Атыыһыт киһи дьону кытта сыһыана үчүгэй буолуохтаах, суокка-учуокка билиилээх буолуохтаах. Бу үлэлээбитим олохпор улахан туһалаах буолуо диэн эрэнэбин.
Марина Васильева, Ньурба, 1-Хаҥалас «Ыллык» эдкорпост.