Прокопий Харлампьевич үлэтин Харбалаах оскуолатын кытта бииргэ ситимниирэ. Хайа да тымныы күннэргэ салааска соһуулаах оскуолаҕа киирэн кэлэрэ, көрүдүөрү биир гына үбүлүөйдээх суруйааччыларга оҥорбут хаартыска-быыстапкатын тэниччи тардан кэбиһэрэ, кылаас аайы киирэн суруйааччылар тустарынан олус интэриэһинэйдик кэпсээн, оҕолор куттарын тутара.
Быыстапката сырыы аайы саҥаттан-саҥа түгэннэри үйэтитиллибит хаартыскаларынан байытыллыбыт, кэҥээбит буолара. Онон оҕолор кини сонунун кэрэхсээн истэллэрэ. Биһиги, учууталлар, наһаа махталлаахпыт маннык энтузиаст киһи биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбутугар! Томороон тымныылаах тохсунньу ыйга суолга туран, массыына куоластаан кэлэн, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын үбүлүөйдээх күннэригэр тэрийэр дьоро күннэрбитин байытыһан барара. Саха сирин үлэһит, айар дьонугар барыларыгар анаан быыстапкалары тэрийэн, үүнэр көлүөнэ ыччакка үгүһү биллэрбитэ, дойдубут туруу үлэһит дьонун туһунан киэн туттуу иэйиитин сахпыт үтүөлээх киһибит буолар!
Прокопий Харлампьевич хаһыат матырыйаалын, хаартыска бөҕөнү мунньубут баайа сыалай биир ампаар баар диэн дьон сөҕө-махтайа кэпсиир буолара. Кини олус элбэх хаһыаты кырыйарын иһин таптаан да, сыаналаан да дьон «Кыптыыйдаах Борукуоппай» диэн ааттыыллара.
Журналист быһыытынан улуус нэһилиэктэрин олоҕун ситимин быспакка сырдатара, өрөспүүбүлүкэҕэ араас таһымнаах тэрээһиннэргэ ыҥырыллан кыттара, ол туһунан тутатына бар дьонугар иһитиннэрэн-биллэрэн иһэр идэлээҕэ.
Сырдыгы, үйэлээҕи, кэрэхсэбиллээҕи бар дьонугар ахсаабакка билиһиннэрэ турбут, киэҥ билиилээх үтүө мааны учуутал, сырдатааччы — Прокопий Харлампьевич Андросов-Дьөҥкү Сээн аата үйэлэргэ ахтылла, ааттана турдун!
Валентина КРИВОШАПКИНА, Харбалаах.