Бэс ыйын 7-9 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Саахымат-дуобат киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Сайыҥҥы спартакиадаларын иһинэн саахымат күрэҕэ буола турар.
Бу күрэххэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 21 хамаанда кэллэ. Уопсайа, 82 оҕо кытта сылдьар: 40 кыыс, 42 уол. Күрэхтэһии кыттааччыларыттан сааһынан саамай кыра – Кэбээйи улууһун хамаандатын чиэһин көмүскүү кэлбит, Сангарскай гимназия 2 кылааһын туйгуннук бүтэрбит үөрэнээччи, 9 саастаах Артём Игнатьев.
Артём бэйэтин туһунан бу курдук кэпсээтэ: «Мин дьиэ кэргэним бары саахыматынан оонньууллар: ийэм, аҕам, эдьиийим уонна убайдарым. Саахыматынан оонньуурбар толкуйдуурбун, күрэхтэргэ кыттарбын сөбүлүүбүн. Бу спартакиада курдук күрэхтэргэ сылдьар олус интэриэһинэй. Инникитин атын куораттарга күрэхтэһэ барыахпын баҕарабын».
Артёму саахымакка 3 сааһыттан ийэтэ Веронея Викторовна Покатилова дьарыктыыр эбит. Кини – Кэбээйи улууһун Сангар бөһүөлэгин оҕолоругар саахымат тренера, идэтинэн бэтэринээр-быраас, биология наукатын кандидата. Ол курдук, биһиги Веронея Викторовнаны көрсөн кэпсэттибит.
– Мин бэйэм саахыматынан оҕо эрдэхпиттэн оонньуурбун сөбүлүүбүн. Уонна оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн бу спорт көрүҥэр дьарыктыыбын. Оҕо саахыматынан дьарыктанарыгар төрөппүт улахан оруолу оонньуур дии саныыбын. Оҕону кыра сааһыттан интириэһэргэтэр ордукээх. Биһиги оҕолорбутугар саахыматчыт буолуохтааххыт диэн сыал-сорук туруорбаппыт, спортка үрдүк ситиһиилэри ирдээбэппит. Киһи ханнык эмэ дьарыктаах буолуохтаах диэн, атын спорт көрүҥнэринэн дьарыктаналларын таһынан саахыматынан оонньоотуннар диэн сыһыарбыппыт. Мин санаабар, саахымат – киһи иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарыан сөптөөх дьарыктартан биирдэстэрэ. Саахыматчыт оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар, үөрэҕэр ситиһиилэнэр, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, кыайыыга дьулуһар. Маны таһынан бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх, болҕомтолоох, сөпкө ыраҥалыыр дьоҕурдаах буолар, – диэн Веронея Викторовна санаатын үллэһиннэ.
Анна Степанова, Гаврил Прокопьев,
«Кэскил» медиа-оскуола эдкордара, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас