Наукаҕа бастакы хардыылары оҕо кыра сааһыттан боруобалыахтаах. Мин кыра сааспыттан чинчийэр, айар үлэлэри сэргиибин. Бастакы хардыыларга учууталларым Прасковья Николаевна уонна айан уруһуйдуур дьоҕурум аһылларыгар Людмила Николаевна уһуйбуттара. Экологическай бырайыактары айан, чинчийэн, олоххо киллэрэртэн саҕалаан, НПК-ларга кыттарга, хоһоон, өйтөн суруйууга дьоҕурбун таба көрөн, «Кэскил» хаһыакка алтыс сылын «Ыллык» эдкорпостка билигин да дьарыктанабын. Манна барытыгар олук уурбут маҥнайгы учууталым, билигин поһум салайааччыта Прасковья Николаевна буолар. Айар күрэхтэргэ куруук сэҥээрэн кыттабын уонна миэстэлэһэбин. Оччоҕо өссө тэптэн туран ылсабын.
Ол курдук, Наука күнүгэр анаан сахалартан бастакы академик Владимир Петрович Ларионов 85 сааһыгар анаммыт Мэҥэ-Хаҥалас кини аатын сүгэр оскуола хоһоон айыытыгар күрэх ыыппытыгар кыттыбытым. Хоһоонум аата «Ыраахха угуйар миигин» диэн олус дириҥ ис хоһоонноох оскуолам, учууталларым туһунан ис сурэхпиттэн хоһоон суруйбутум. Дууһабар туттаран куонкуруска ыытарга санаммытым, дьүүллүүр сүбэ сэргээн 3 үрдэли ылбыппыттан олус астынным. Наукаҕа оҕо сыстара айар дьоҕуртан, тугу барытын чинчийэн, сылыктаан көрүүтүттэн саҕаланар. Учуонай, академик да буолбатарбын, олоххо көрүүлэрим, үөрэххэ сыһыаным сылтан сыл тупсан, сайдан иһиэ диэн санаалаахпын.
Билиим-көрүүм хаҥыа, үрдүккэ, кэрэҕэ дьулуһуом.
Лияна Федорова, 6 кылаас «Ыллык» эдкорпост Ньурба Хаҥалаһа.