Кыырай халлааҥҥа сөмөлүөтүнэн көтөн тахсан, үөһэттэн дьикти көстүүнү сэргиибит, субу тутан ылыах курдук чугас, түү мээчиктии устар араас быһыылаах былыттары, салгын уларыйыытын кэтээн көрөбүт. Бу барыта киэҥ куйаар туспа туруктаах дойдутун уратыта, дьикти, кэрэ көстүүтэ.
Саха сирин биир киэн туттуутун, күннэтэ тыһыынчанан киһи ыра санаатын, баҕатын толорор сыаллаах күөх халлааҥҥа көтүтэн таһаарар, тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэр “Якутия” авиахампаанньа үлэтин, сырыытын туһунан истиҥник-иһирэхтик сэһэргэһиэхпит. Далааһыннаах сырыылаах хампаанньа инники былаанын, бэриниилээх үлэһиттэрин, көтөр аалларын уонна хайдах, туох үлэлээн олороллорун туһунан “Куйаар” балаһаҕа сырдатыахпыт.
Ханна да сырыттаргын “Якутия” диэн суруктаах сөмөлүөт халлааҥҥа көтөн таҕыстаҕына: “Бу биһиги сөмөлүөппүт”, – диэн киэн тутта саныыбыт, астына көрөбүт. Хампаанньа сөмөлүөттэрэ халлааҥҥа харбыаласпыттара сотору кэминэн 15 сыла буолуо. Кинилэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуну тилийэ көтөллөр. Бу туһунан “Якутия” авиахампаанньа сүрүннүүр дириэктэрэ Ольга Николаевна ФЕДОРОВА бу курдук сэһэргиир.
Акыйааны уҥуордаан
Ханнык баҕарар үлэ саҕалааһыннаах буолар. Ол курдук, “Якутия” хампаанньа “ЯК” бэлиэлээх сөмөлүөтэ 2003 сыл тохсунньу 21 күнүгэр Москва куоракка көппүтэ. Онон бу күн хампаанньа тэриллибит күнүнэн ааҕыллар. Ол эрээри, Саха сирин авиациятын сүрүн үлэтэ 1920 сылтан саҕаламмыта. Уһун кыһыннаах, томороон тымныылаах, кылгас сайыннаах, киэҥ сиринэн тайаан олорор Сахабыт сиригэр бу олус туһалаах, элбэҕи эрэннэрэр, улахан күүс-көмө буолар хамсааһын этэ.
Билигин биһиги хампаанньабыт сөмөлүөттэрэ сатабыллаах, бэриниилээх үлэһиттэрдээх буолан, куйааһы аахсыбакка, туманы билиммэккэ, аан дойдуну анаара көтөллөр. Бүтүн Россияны ааһан, кыраныысса таһыгар, акыйааны уҥуордаан, Эмиэрикэҕэ кытта тиийэллэр.
Бастакы хараҥаччылар
Сайдыылаах олох кэрэһитэ, аан дойдуга саамай түргэн сырыылаах, куттала суох Канада «BombardierDash8Q300» уонна «Q400» сөмөлүөттэрин биһиги хампаанньа Россияҕа аан бастакынан туһанныбыт. Маннык көтөр ааллар улахан тымныыттан толлубаттар, кытаанах кутуулаах аэродромҥа түһэр кыахтаахтар. Ону таһынан Россияҕа оҥоһуллубут «SukhoiSuperjet100» сөмөлүөтү эмиэ биир бастакынан баһылаатыбыт.
Айан дьонугар табыгастаах буоллун диэн, аныгы олох сиэринэн, билиэти ыларга онлайн-атыыны, кэрчик кэмҥэ уурдарыыны киллэрэн үлэлии олоробут. Маннык өҥөнөн Россия араас муннугар олорон туһаныахха сөп. Өрөспүүбүлүкэбит дьоно-сэргэтэ, тустаах тэрилтэлэр www.yakutia.aero сайтка киирэн, бу өҥөнөн туһаналларыгар, билиэти ылалларыгар Интернет көмөтө олус наадалааҕын бэлиэтиибит.
Анна ЖИРКОВА.
Хаартыскалар авиахампаанньа архыыбыттан туһанылыннылар.
(Салгыытын «Кэскил» хаһыат 47 №-гэр аах).