Сайын кэрэтэ, үтүөтэ олус түргэнник элэстэнэн ааһа оҕуста. Номнуо сөрүүн салгыннаах, ардыгар ибиирэр ардахтаах көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ. Ону кытта оҕолор, төрөппүттэр оскуолаҕа бэлэмнии үгэнигэр сылдьаллар. Арай Таатта кыыһа Сайаана Дьяконова холку. Кини сайын устата эбэтинээн кымыс оҥорон атыылаан, эбии үп-харчы киллэринэн, оскуолатааҕы тээбириннэрин, таҥаһын-сабын хааччынна. Кини туһалаах дьарыгын туһунан сиһилии билиэххэ.
— Үтүө күнүнэн, Сайаана! Бэйэҕин билиһиннэр эрэ. Хаһыс кылааска үөрэнэҕин?
-Үтүө күнэн! Мин Таатта улууһун 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 9 кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэбин.
— Тоҕо кымыс атыылыырга сананныҥ?
— Сайын тугунан эрэ дьарыктанан, бэйэм хамнастаныахпын баҕарар этим. Бастаан ас, таҥас маҕаһыыннарыттан ыйыталаспыппын. Оҕолору үлэҕэ ылбаппыт диэбиттэрэ. Онтон эбээм сүбэтинэн кымыс оҥорон атыылыахха сөп эбит дии санаабытым.
—Атыылыыр хайдах эбитий? Дьон атыылаһар эбит дуо?
Бастаан кымыс атыылыырбын хайдах эрэ олус кыбыстар этим. Кымыс атыылыыр барыыһа суох дуу, ким да атыылаһыа суоҕа дии саныырым. Онукам дьон сэҥээрэр, атыылаһар эбит. Күн аайы сакаас киирэ турар.
—Иллэҥ кэмҥин хайдах аттарыммыккыный?
-Ийэм, аҕам, эбээм бириэмэбин былаанныырбар тирэх буолбуттара. Иллэҥ кэммэр сир астаан дьоммор көмөлөстүм, сөбүлүүр сериалым киинэлэрбин көрдүм. Дьүөгээлэрбин кытта атаардым. Саамай улахан баҕа санаам — куоракка киирэн дьаарбайыахпын, бэйэм баҕарар малбын-салбын ылыныы этэ. Ол баҕа санаабын толордум. Онон быйыл миэхээ умнуллубат, көдьүүстээх, олус туһалаах сайын ааста.
—Кымыһы хайдах оҥороҕут?
Биһиги кымыска өбүгэ ньыматынан иҥиири туһанан көөнньөрөн таһаарабыт. Доруоһаҕа, ириискэ тахсыбат туспа кистэлэҥнээх кымыс. Маннык кымыс киһи доруобуйатыгар туһалаах, охсууну оҥорбот. 5–10 күҥҥэ дылы көөнньөрүллэр. Үгүс сыраны, албаһы ирдиир эбит. Бу састаабын куттум да таах сылдьыбаппын, 50 лиитирэлээх баахтаахпыт, онно оҥоробут. Төһө элбэҕи оҥорбуккуттан көрөн саахарын, температуратын кэтиигин. Ытыйарбар күн ахсын эбэм үөрэҕинэн алларааттан үөһээ ытыйабын. Иҥиир кымыһа олус уохтаах буолар.
—Сакаас хайдах киирэрий?
-Дьон истиһэн дьиэбититтэн кэлэн ылаллар. Улууспут ыһыаҕар хамаҕатык атыылаатым.
—Бастакы хамнаскынан тугу гынныҥ?
-Бастакы хамнаһым буолан олус күндү, долгутуулаах. Барытын сайын устата мустум. Бэйэбэр тугу баҕарарбын эрдэ суруммут буолан, ол баҕа санаабын барытын толордум. Оннооҕор күһүн оскуолаҕа туттар тэриллэрбин, таҥаспын атыыластым.
—Хайдах эбитий атыылыыр?
-Наһаа үчүгэй эбит. Элбэххэ үөрэнним, биллим. Киһи саҕалаатаҕына дьыалата бэйэтэ сыыйа арыллан иһэр эбит диэн санааҕа кэллим.
—Инникитин туох былааннааххын?
-Инникитин бу дьарыкпын салҕыыр былааннаахпын. Билигин да дьон ыйытар, сэргиир. Улууспутугар быйыл Саха норуотун культуратын туһунан сюжет бэлэмнии «Россия 24» ханаал суруналыыстара кэлэн барбыттара. Онно үлэбин сырдаппытым. Олохпор умнуллубат түгэн тосхойбута.
—Сайаана, махтал! Олус үчүгэй дьарык булбут эбиккин. Эһиил эмиэ бу курдук тахсыылаахтык хамсанан, баҕа санааларын туола туралларыгар!
Оҕо кыра эрдэҕиттэн туох эрэ баҕа санаалаах буолар. Ол баҕа санаата туоларыгар төрөппүттэр сирдьит, тирэх буоллахпытына олоххо күлүм гынан ситиһии суола көстүөн сөп. Сайаана төрөппүттэрэ иннин суолугар чаҕылхай сулустар көстөллөрүгэр кымыс көөнньөрүн курдук суолу арыйдылар.
Нюргуяна Захарова
1
Наьаа учугэй дии. Маладьыас.