Оскуолабытыгар Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу декада чэрчитинэн бу акцияттан туора турбакка, биһини кылаас көхтөөх кыттыыны ыллыбыт.
Ый устата оскуолабытыгар, нэһилиэккэ, улууска араас хабааннаах тэрээһиннэр, акциялар буола тураллар. Иитии уруоктарыгар оҕолорго саха норуота уруккуттан да түмсүүлэхтэринэн, дьон кыһалҕатыгар болҕомтолоохторунан уонна аһыныгастарынан уратылаахтарын өйдөтүү үлэтэ бара турар.
Кыралыын, улаханныын ким хайдах кыахтааҕынан байыаннай анал операцияҕа барбыт байыастарга өйөбүл буоларга кыһаллар. Өй-санаа өттүнэн өйөбүл буолар сыалтан 8 кылаас оҕолоро суолта ууран, сурук суруйдулар. Сурук ис хоһооно араас. Ким эрэ саллаат хайдах буолуохтааҕын, бэйэтин туһунан, сонунун уонна баҕа санааларын суруйдулар. Оҕолор ис сүрэхтэриттэн байыастарга күүстээх санааны, тулууру-дьулууру баҕардылар. Дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр алҕаатылар.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.