Олоҥхо диэн сахалар саамай киэн туттар айымньылара буолар. Былыр биһиги Кутанабытыгар элбэх олоҥхоһут олорон ааспыт.
Оскуолабытыгар 2006 сылтан Олоҥхо күнэ ыытыллара үгэскэ кубулуйда. Биһиги I кылаастан бу тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттабыт. Өрүү бырааһынньык курдук ааһар. Ол күн биһиги олоҥхо истэбит, бары кылааһынан уус-уран ааҕыыга, хомуска, оһуохайга, сахалыы төрүт оонньууларга күрэхтэһэбит. Оскуола барыта сахалыы таҥнар, учууталлар эмиэ.
Бу Саҥа дьыл иннинэ Сунтаар киинигэр киирэн, “Олоҥхону кылааhынан толоруу” күрэххэ II миэстэ буолан таҕыстыбыт. Кутана оскуолатыттан үһүс кылаастар эмиэ II буолбуттара. Биһиги 19 буолан олоҥхолоотубут.
А.П. Ойуунускай 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” тылын өссө сэттискэ үөрэнэ сырыттахпытына биэрбиттэрэ. Ону бастаан улахаҥҥа уурбатахпыт. Онтон “Кылааһынан олоҥхо” диэн бырайыакка кыттарбытын билэн, дьэ, үөрэтэн саҕалаабыппыт. Билбэт тылларбыт бааллара, ону фольклор куруһуогун салайааччыта Афанасьева Мария Павловна уонна кылааспыт салайааччыта Иванова Вера Семеновна быһааран биэрэллэрэ. Тылбытын 19 оҕо бары түргэнник өйдүүр буолбатах этибит эрээри, дэлби дьарыктанан, бары умнубакка ааҕар уонна туойар буолбуппут. Элбэхтик эрчилиннэххэ, оннооҕор кылыһах тахсар эбит.
Өр да өр бэлэмнэммит күрэхпит түргэн үлүгэрдик ааhа оҕуста. Биhиги бу күрэххэ былырыыҥҥыттан бэлэмнэнэбит. Кырдьык, үөрэтэргэ олус ыарахана, өйдүүргэ уhуна бэрт этэ. Сорохтор улахан күүhүнэн, кыhалҕанан үөрэннибит. Ол эрээри син биир бэйэбит оскуолабыт чиэhин көмүскүү, олоҥхо диэн хайдаҕын билээри, өссө саҥа билиилэри ылаары кытынныбыт.
Сунтаары Олоҥхо Дойдута диэн ааттыыллар. Оннук буоларын быhыытынан, Сунтаар улууhун ыччата, оҕолоро олоҥхо диэн тугун, туох суолталааҕын булгуччу билиэхтээхтэр.
Олоҥхо киhини элбэххэ үөрэтэр, сайыннарар эбит. Киhи өйүн сааhылыыр киэн өйдөбүллээх кэпсээн дии санаатыбыт. Олоҥхону толорооччу ис дууhатыттан кэпсиэхтээх.
Биһиги санаабытыгар, олоҥхоhуту таҥаһыттан, тас көстүүтүттэн көрөр сыыһа. Кини куолаhын, туттарын-хаптарын, төhө чуолкайдык саҥарарын, артыыстыыр дьоҕурун, дьон сэргиир гына кэпсиирин сыаналыахтаахтар.
Оҕолоор! Олоҥхобут дойдутун аатын түhэрбэт туһуттан олоҥхону үөрэтиҥ, сылтан сыл аайы сайыннара сылдьыҥ!
Самсонова Сандаара, Иванова Самира, VIII кылаас,
«Кутана кыымнара” эдкордара.
Сунтаар Кутаната.