Халлаан сылыйан, хаар ууллан, сайыммыт чугаһаабытынан дьон таһырдьа үлэлиирэ элбээтэ. Биһиги сылын аайы оскуоланан шефтээх ветераннарбытыгар көмөлөһөн мас саһааныгар субуотунньуктуу барар үгэстээхпит.
Алтыс кылаастар Валентина Ильинична, Степан Петрович Ивановтарга мас саһаанныы барбыппыт. Кинилэр кыһынын куоракка олорор буоланнар таһынан тиийэн үлэлээтибит. Хайытыллыбыт мастарын барытын саһааннаатыбыт. Кылааспытыгар уолаттар элбэх буолан, үлэбит олус көхтөөх этэ.
Маспыт улахан аҥаарын бүтэрбиппитин кэннэ бэһис уонна тохсус кылаас оҕолоро бэйэлэрин үлэлэрин бүтэрэн баран биһиэхэ көмөлөһө кэлбиттэрэ. Онон биһиги үөрэ-көтө түргэнник бүтэрбиппит.
Үлэлии сылдьан мин мас саһаанныыр «сыапачка» диэн ньыма баарын биллим. Оннук саһаанныыр быдан табыгастаах эбит.
Нөҥүө күнүгэр кыра кылаастарга үөрэппит бастакы учууталбыт Февронья Егоровна биһиэхэ уонна бэһис, тохсус кылаастарга махтанан бакыат суумканан минньигэс ас бөҕөтүн биэрбитэ.
Наһаа үөрбүппүт! Үлэлиир, дьоҥҥо көмөлөһөр олус наадалаах, махталлаах.
Алёна ТАППЫРОВА, VI кылаас,
В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолата , Таатта