Улуустааҕы реабилитациялыыр киин «Үтүө санаа харыйата» диэн аахсыйа биллэрбитэ. Онно биһиги, Мүрү 2-дээх орто оскуолатын 8 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ (кыл. сал. Л.А. Соловьева), кылааһынан көхтөөхтүк кытынныбыт.
Холобура, Ньургун Ховров жаккардовай матырыйаалынан, искусственнай түү, фоамиран, тесьма, оҕуруо туттан наһаа үчүгэй, ис-киирбэх «Бырааттыы гномиктары» оҥорбут.
Вика Бережнёва фоамиран-глиттер матырыйаалы туттан, олус кыраһыабай харыйачаан төгүрүк шаригын оҥорон бэлэх уунна.
Мин бэйэм фанераттан төгүрүктэри быһан, сирэйдэри оҥорон, кырааскалаан киэргэппитим.
Оҥоһуктарбытын учууталбыт Любовь Андреевна соһуччу реабилитациялыыр киин үлэһиттэригэр туттарбыт. Үлэһиттэр, оҕолор даҕаны олус үөрбүттэр, соһуйбуттар уонна махтаммыттар.
Түгэнинэн туһанан, бастакы учууталбытын Вера Дмитриевнаны, кылааспыт салайааччытын Любовь Андреевнаны, тапталлаах төрөппүттэрбитин, кылаас оҕолорун кэлэн иһэр саргылаах Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибин!
Доминик ВАСИЛЬЕВ,
Мүрү 2 №-дээх оскуолатын 8 «б» кылааһын үөрэнээччитэ,
“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин пресс-киинин иитиллээччитэ.