Бу күннэргэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Пресса на национальных языках в глобальном медипространстве» норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэнпириэнсийэ суруналыыстары, иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэр үлэһиттэрин, учуонайдары, чинчийээччилэри биир былаһааккаҕа тас дойдулартан кытта муста. Кэнпириэнсийэ кэтэхтэн ыытыллан, куйаар ситимин нөҥүө элбэх тустаах дьон кыттыыны ыла сылдьар. Түмүктүүр пленарнай мунньах бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, күнүс 16 чаастан ыытыллар.
Оҕо суруналыыстыката кэпсэтиигэ эмиэ сүрүн болҕомтону ылла. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова салалтатынан дьоһуннаах кэпсэтии оҕо бэчээтин эйгэтигэр үлэлиир уонна үлэлэһэр дьону муста. Манна өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларыгар үрдүк көрдөрүүлээх оҕо медиакииннэрэ, эдэр кэрэспэдьиэннэр постара кыттыыны ыллылар.
Бүлүүтээҕи Н.И. Протопопова аатынан «Оҕо айар тобулар дьоҕурун сайыннарар «Кэскил» киин «Репортер» медиакиинин салайааччыта, эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката Кыдана Дорофеева кэпсэтии кэннэ тус санаатын кытары үллэстэр:
— Оҕо бэчээтин эрэ буолбакка, бэчээт боппуруоһа кэнники бириэмэҕэ олус сытыырхайда дии саныыбын. Бу кыһалҕа икки сүрүн биричиинэлээх дии саныыбын: аныгы үйэ ирдэбилинэн саҥа технологиялар сайдыбыттарынан уонна уопсайынан оҕолор да, ыччаттар да аахпат буоллулар.
Бастакы боппуруоһу быһаарарга өрөспүүбүлүкэҕэ сөптөөх үлэ бара турарынан ааҕабын, бары кэриэтэ бэчээт кыһалара саҥа үйэҕэ эппиэттиир контеннаннылар, бэл, биһиги оннук тэриннибит. Онтон иккис боппуруос ыарахаттардаах. Ааҕарга уһуйар араас интэриэһинэй бырайыактар наадалар, холобура, Бырабыыталыстыба да таһымыгар анал грантовай политика үлэтэ барыан наада дии саныыбын.
Уонна сахалыы тылынан өссө элбэх оҕоҕо аналлаах контент наада, биир–икки эрэ буолбакка. Манна киһиэхэ быыбар наада, оҕоҕо интэриэһинэн, сааһынан талан ылан көрөрүн курдук. Кыра оҕолорго аналлаах араас остуоруйалар, мультиктар сахалыы тылынан син баар буоллулар. Онтон орто саастаах оҕолорго (подростоктарга) аналлаах сахалыы тылынан айымньы элбиэн наада. Холобура, биһиги ити сааспытыгар сырыттахпытына, “Дьикти саас”, “Сааскы кэм” курдук сүдү айымньылар уонна араас тылбаастар оҕо ааҕар интэриэһин тардар этилэр. Билигин эмиэ, биллэн турар, билиҥҥи оҕоҕо интэриэһинэй, киһини умсугутар айымньылар наадалар. Эппиккэ дылы, бестселлер курдук, сахалыы тыллаах айымньы наада.
Өссө тоҕо эрэ, сахалыы да кылааска үөрэнэр оҕолор сахалыы ааҕалларын уонна суруйалларын наһаа ыарырҕатар буоллулар. Бу төрүтүн оскуолаҕа көрүөххэ наада дии саныыбын.
Омук култуурата, тыла-өһө сайдарыгар манна ааҕар-суруйар, иһитиннэрэр маассабай эйгэ улахан сабыдыалы ылар, онтон ол барыта кыраттан саҕаланар, оҕо төрүүр, үүнэр-сайдар, улаатар, ол аата оҕо төрөөбүт тылынан саҥара-иҥэрэ, билэ-көрө уонна сүрүнэ — Ийэ тылын таптыы, харыстыы үүнэригэр манна оҕо бэчээтэ тирэх буолара саарбаҕа суох.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.
1
Я за, учить родной язык