Аҕам өттүнэн эһэм Иван Корнилович Аргунов оҕо сааһа сэрии сут-кураан кэмигэр ааспыта. Кини 1930 с от ыйын 17 күнүгэр Игидэй нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Эһэм олус үлэһит, үтүө санаалаах, олус үөрүнньэҥ киһи этэ.
Эһэм уһун суһуоҕу олус сыаналыыра. Ол иһин эбэм Мария Константиновна уһун суһуоҕун хаһан да кырыйтарбатаҕа. Эһэм кыра эрдэхпинэ ыллыы-ыллыы мин баттахпын өрөрө уонна хаһан да кырыйтарыма диирэ, ол иһин мин баттахпын уһатабын.
Эһэм Уйбаан үлэ, тыыл бэтэрээнэ, кыһынын фермаҕа от тиэйиитигэр, сайынын от мустарыытыгар, от кэбиһиитигэр, бугуллааһыҥҥа үлэлиирэ. Бугуллааһыҥҥа күҥҥэ 500-тэн тахса бугулу оҥорон кыайа тутара.
Кэлин колхозтар тэриллибиттэрэ, 1952 с саҕалаан Петр Алексеев аатынан колхозка үлэлиирэ. Сопхуоска сүрүннээн наар сүөһү үлэтигэр улэлээбитэ: сайынын бостууктаан, кыһынын эбии аһылык буһарыытыгар.
1960 с Ньылла диэн сиргэ олорон Мария Константиновналыын олохторун холбообуттара.
1966 с Ньыллаттан күһүн бу дойдуга «Мээндийэҕэ көһөн кэлбиттэр. Ол кэннэ Мээндийэ ферматыгар өр кэмҥэ ферма старшайынан үлэлээбитэ. Бу фермаҕа ити сылларга сүрдээх таһаарыылаахтык улэлээбитэ. Оройуоҥҥа 1 миэстэлээх этэ. Сылга биир фуражнай ынахтан 2000-тан тахсалыы лиитирэ үүтү ыан, ферма үрдүнэн ыан өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибитэ. Онно 700 солкуобай суумалаах кинигэ фондатын бириэмийэлээбиттэр. Ону ферма аатыттан олохтоох оскуолаҕа бэлэхтээбиттэр.
Эһэм Иван Корнилович райком советын депутатыгар тиийэ үүммүтэ, үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин түмүгүнэн наҕараадалара:
-«Үлэ Албан Аат» III истиэпэннээх уордьанын кавалера
-«Ленин төрөөбүтэ 100 сыла» мэтээл
-«Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа»
— Бочуотунай грамоталар
-2000 с. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Ытык Аҕа» бэлиэ хаһаайына
-Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо
-«Кыайыы 70 сыла» уонна «Сэрии сылын оҕолоро» мэтээллэр.
— 2015 с. Игидэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Оҕо сааһыттан үлэни өрө туппут, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, оҕо сааһыттан кыайыыны уһансыбыт эһэбинэн киэн туттабын, үтүө холобур оҥостобун.
Чэмэлиинэ Аргунова, X кылаас,
Таатта лиссиэйэ, Таатта