Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыыны аҕалбыттара саллааттары, тыыл үлэһиттэрин кытта — кыыллар. Ол курдук ыт, холууп, бэл диэтэр, таба кытта кыайыыга кыттыгастара улахан, өҥөлөрө баһаам. Дьиэ кыылларыттан ураты ойуур кыыллара кытта баалларын киһи сөҕөр эрэ. Бэл, омук сиригэр эһэ кытта сэриилэспитэ.
Ыттар миинэни булалларыттан ураты өссө араанньы буолбут саллааттары сэрии толоонуттан таһаараллара, санитар ыттар өйө суох сытар саллааттары сирэйдэрин салыыллара. Тааҥка анныгар миинэни илдьэн дэлби тэптэрэллэрэ. Саамай биллэр ытынан “Хорсунун иһин” диэн мэтээллээх ыт – Джульбарс. Прагаҕа араанньы буолбут Джульбарс ыт Сталин саппаас синиэлигэр сууланан, Кыайыы парадыгар кыттыбыта.
Рыжик куоска Пруссияҕа тиийэ сэриигэ сылдьыбыта. Өстөөх сөмөлүөттэрэ кэлэн ааһалларын хантан эрэ билэн тута курдьугунуур, кутуруга хамсыыр эбит. Уонна биир дьиктитэ диэн ол өстөөх сөмөлүөтэ хантан кэлэрин диэки хайыһан турар буолара.
Ленинград блокадата бүппүтүн кэннэ тута куоскалары хомуйан бу куоракка ыыппыттара. Наһаа элбэх крыса, кутуйах элбээн дьоҥҥо кутталы үөскэппитэ. Тюментэн 200 куоска Эрмитажка диэн анаан ыыппыттара.
Сэрии саҕаланыаҕыттан тута Кыһыл армиҕа аттартан анал кавалерийскай корпус оҥорбуттара. 1941 сыл күһүнүгэр мөлүйүөн үс сүүс ат сулууспалаабыта. Уоттаах сэриигэ сылдьартан ураты бородууктаны, сапчаастары, боеприпастары, артиллерия сэбин-сэбиргэлин, куукунаны, ботуруоннары, сэнэрээттэри таһыы барыта аттар көмөлөрүнэн буолбута. Полкаҕа 350 аттаахтара. Аттар бадарааҥҥа батыллыбыт сэрии сэбин, тааҥканы кытта хостуллара. Саха сириттэн 50 000 ат уоттаах сэриигэ барбыта. 1955 сыллаахха армияҕа аты туттуу тохтообута. Онтон ол аттары Буденнай туруорсан киинэҕэ уһуллар туспа ат полкатын оҥорторбута. Инньэ гынан сэрии кэмин, мүччүргэннээх киинэлэргэ бу аттар уһуллар буолбуттара.
Холууптар сэриигэ туһалара эмиэ элбэх этэ. Ол курдук холууп буостата 15 000 суругу таспыттара, биир да суругу сүтэрбэтэхтэрэ, барытын анал сирдэргэ тиэрдибиттэрэ. Кыракый буомбалары илдьэ көтөр холууптары бензиннээх цистернаны, өстөөх араас тиэхиньикэтигэр, сөмөлүөттэргэ тиийэн дэлби тэптэрэр гына үөрэппиттэрэ. Кэлин ньиэмэтэр билэннэр мохсоҕолу иитэр буолтара. Өстөөхтөр куораттарга киирдилэр да, холууптары иитэр дьоннор холууптарын барыларын өлөртүүллэрэ.
1942 сылтан саҕалаан аны сэрии толоонугар тэбиэннэр баар буолбуттара. Тэбиэннэр пуушклары иккилии буолан куһаҕан суолга таһаллара. Истиэпкэ кытта сэриилэһэн турардаахтар. Яшка, Тамара, Васька диэн ааттаах тэбиэннэр Берлиҥҥэ тиийбиттэрэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ Москваҕа зоопаркаҕа поеһынан ыыппыттара. Полк саллааттара Москваҕа сырыттылар да хайаан да бу тэбиэннэрин көрсөн бараллара.
Белоруссия ойуурдарыгар баар партизаннар ат оннугар сорохтор тайаҕы миинэллэрэ. Тайах күүстээх буолан араас сэрии сэбин таһар кыахтааҕа. Тыаҕа тыаһа суох сундулуйан сүүрэрэ. Өстөөхтөр ыы муннуларынан тайахтаах партизаннар ааһаллара. Ойуурга тайах суола баһаам буоллаҕа, ону өстөөхтөр партизаннар сылдьаллар диэн өйдөрүгэр да оҕустарбат этилэр. Аһылыга от-мас буолан эмиэ судургу этэ.
Малыш козел Белоруссия партизаннарын кытта 1944 сыллаахха Минск куоракка буолбут улахан парадка кыттан турардаах. Малыш санитардарга көмөлөһөөччү этэ. Ыарахан ытыалаһыы буоллаҕына тута мас-от кэннигэр сөрөнөр эбит, буулдьа арыый сэллээтэҕинэ дьэ араанньы буолбут саллааттарга биинтэлэрин, эмтэрин -томторун таһаттыыра.
Ишактар кыракый да буоллаллар үгүс бойобуой сэнэрээттэри Хапкаас хайатын хапчааныгар таспыттара. Өскө хайа кыбычыын суолга ишактар утары көрүстэхтэринэ сэнэрээтэ суох ишак сытан биэрэр эбит, оттон сээкэйдээх ишак ону атыллаан баран барара. Аттыгар сэнэрээт да эһиннэҕинэ долгуйбат, куттаммат кыыллар буолан биэрбиттэрэ. Ишактар өстөөх хараҕын далыгар сылдьан тыаһа-ууһа суох 25-тии миинэни таспыттара. Сталинград сэриититтэн саҕалаан Берлиҥҥэ тиийбиттэрэ.
Карельскай фроҥҥа табалар эмиэ бааллара. Хотугу сэриигэ бу саамай туһалаах сэрии көлөтө буолта. Кавказка – ишак, буоллаҕына манна-таба. Сэрии толоонуттан 8 тыһыынча кэриҥэ араанньы саллааты, 17 туонна боеприпаһы таспыттара. Туундараттан 162 авариялаабыт сөмөлүөтү таспыттара. Бэл, өссө “Катюшаны” таспыттара.
Дьэ ити курдук күүтүүлээх Кыайыыны чугаһатарга туох бары күүс көмө буолта.
Евдокия Павловна Семенова,
И.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын мусуойун үлэһитэ
Үөһээ Бүлүү