Саха өрөспүүбүлүкэтигэр «Кыайыы Знамята» эстафета ыытылла турар. Биһиги нэһилиэкпит Кыайыы Знамятын тохсунньу 22 күнүгэр көрсүбүтэ. Үөрүүлээх тэрээһин Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатыгар буолбута.
Манна нэһилиэк олохтоохторо, оҕо саадын иитиллээччилэрэ кыттыыны ылбыттара. Кыайыы Знамятын бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Петр Сивцев, Илья Слепцов, Василий Манастырёв уонна Хадаар орто оскуолатын байыаннай-патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ тутан киллэрдилэр.
Чурапчы улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович Оконешников, Хадаар нэһилиэгинбаһылыга Афанасий Афанасьевич Степанов, Чурапчы улууһун хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Дмитрий
Константинович Лукин тыл эттилэр.
Кыайыы Знамятын суолтатын, бу долгутуулаах түгэҥҥэ туох санаа үөскээбитин туһунан история уонна обществознание учууталын Лидия Петровна Саввинаны көрсөн кэпсэттим.
– Лидия Петровна, Кыайыы Знамятын көрсөргүтүгэр эһиэхэ туох санаа үөскээтэй?
– Аан бастакынан, Аҕа дойду сэриитигэр өстөөҕү кыайбыт сэбиэскэй саллааттар хорсун быhыыларынан киэн туттуу санаата үөскээтэ. Ийэ дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу хаачыстыбатын ыччакка иитии – бу биһиги барыбыт ытык иэспит буолар.
– Эһиги Кыайыы Знамятын иитэр суолтатын туохха көрөҕүтүй?
– Кыайыы Знамята эйэлээх олох туhугар олохторун толук уурбут хорсун саллааттар ааттарын үйэтитэргэ ордук улахан суолталаах. Биир дойдулаах буойуттарбыт ааттарын үйэтитиигэ, сураҕа суох сүппүттэри көрдөөһүҥҥэ үгүс сыл үлэлэспит, оҕолору көрдүүр-чинчийэр үлэҕэ уһуйбут учуутал буоламмын, Улуу Кыайыы күнүн, Кыайыы Знамятын сырыы аайы долгуйа көрсөбүн. Харахпар Кыайыыны уhансыбыт эдэркээн буойун уолаттар сырдык мөссүөннэрэ тиллэн кэлэр курдуктар…
1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит кыттыыны ыланнар немец фашистарын кыайбыттара быйыл 80 сыла буолар. Улуу Кыайыы суолтатын ыччаттар умнубакка өйдүү-саныы, киэн тутта туралларыгар баҕарабын.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Байдам Ефимов хаартыскалара, V кылаас