Ыам ыйын 8 күнүгэр С.А Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна педагогтара Кыайыы 79 сылын көрсө байыаннай таҥаспытын кэтэн, парадтаан Ленин аатынан болуоссакка тиийдибит. Онно «Беркут» патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ Кыайыы знамятын администрация дьиэтин үрдүгэр күөрэччи анньар чиэскэ тигистилэр, ол курдук командир Захаров Никита, көмөлөһөөччүлэринэн Морфунов Саша, Флегонтов Стас уонна Знамяны тутан киллэрдэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Пономарев Вася.
Кыайыы былааҕа Чурапчы үрдүнэн көтөҕүллүбүтүн уруйдаан, оскуолабыт 1027 киһилээх хора саҕаланна. Хор толоруутугар «Священная война», «Хайыһар» уонна «День победы», оскуолабыт ырыаҕа учуутала Галина Николаевна Игнатьевна салалтатынан дуорайда. Хор кыттыылаахтара, кыраттан улаханыгар тиийэ, бары биир киһи курдук буолан добуннук ыллаатылар. Улуус баһылыга Степан Саргыдаев, депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Уйгулаан Туласынов мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.
Тэрээһин түмүгэр дьаһал кыттыылаахтара тыыл ветераннарын, сэрии кэмин оҕолорун кытта өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.
Попова Күннэй, 8 гуманитарнай кылаас үөрэнээччитэ,
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата