Улуу Кыайыыны уһансан Ийэ дойдуну көмүскээн, ытык иэстэрин толорон сэрии уоттаах хонуутугар охтубут Арассыыйа норуоттарыгар уонна саха буойуттарыгар анаан «Кыайыы уота» сүүрүү 4-с кэрчигэ ааста. Эстафета кыттааччылара Тверь – Ржев – Вязьма – Брянск хайысханан 670 км сүүрдүлэр. «Кыайыы уота» көҕүлээччитэ Дмитрий Николаевич Горохов кэпсээнинэн, хас биирдии куоракка сүүрүктэри үөрэ-көтө көрүстүлэр.
— Мин маҥнайгы Кыайыы күнүгэр аналлаах тэрээһини 1990-с сылларга Үөһээ Дьааҥы оройуонугар «Дальстрой» тыыл бэтэрээннэрин түмэн саҕалаабытым.
Кэлин Сахабыт Сирин патриотическай санаалаах кыргыттарын ыҥырталаан Ильмень – Великий Новгород хайысханан факеллаах сүүрүүлэри тэрийбитим. Маҥнайгы сүүрүүлэрбин социальнай харалта «Кыайыы» салаатын салайааччыта Галина Николаевна Лебедева, өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин салайааччыта Вильям Очирович Иванов, Санкт-Петербурга Саха Сирин постояннай бэрэстэбиитэлэ Юрий Николаевич Кравцов өйөбүллэринэн сүүрүүнү тэрийэн ыыппытым.
Тоҕо кыргыттар сүүрэллэрий диэн ыйыттаххытына, саллааттар үксүлэрэ – ыал буола илик эдэр уолаттар этилэрэ. Онон кинилэр дууһаларын сымнатаары, уоскутаары 7 кыыс сүүрэр.
«Кыайыы уота» сүүрүүгэ кыттыыны ыллылар спортивнай оонньуулар кыттыылаахтара: «Трудовой фронт», «Сулус спорт», «Стайер» уонна » Дьулуур» сүүрүүнү таптааччылар кулууптарын кыттыылаахтара: Валентина Доргуева, Марияанна Васильева, Анна Колесова, Виктория Баишева, Александра Митина, Яна Егорова, Лира Давыдова. Уонна мин сүүрүүнү көҕүлээччи, тэрийээччи Дмитрий Горохов.
Cүүрүү Москваттан саҕаланна
Муус устар 28 күнүгэр Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатыттан Улуу Кыайыы 77 сылынан, өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылынан анаан Кыайыы факел уотун ылабыт уонна самолётунан Москваҕа көтөбүт. Москва куоракка тиийэн сүүрүү кыттыылааҕа Александра Митина этиитинэн саллаат форматын кэтэн Кыһыл болуоссат «Биллибэт саллааттар умуллубат уоттарыгар» сибэкки ууран «Катюша» ырыаны ыллаабыппыт.
Сарсыныгар эрдэ гостиницаттан турунан Москваны көмүскээн бэйэлэрин баҕа санааларынан сэриигэ туруммуттар монуменнарыгар 4 км сүүрэн тиийэн сибэкки уурабыт. Марияанна Гаврииловна гостиницалары эрдэ кэпсэппитэ түһэргэ, сынньанарга табыгастаах буолла.
Онтон сөпко Тверь куоракка тиийэн факелбыт керосинын уонна да наадаалаахпытын атыылаһан бэлэмнэнэбит. Тверьгэ 1135 сыллаахха тэриллибит улахан Тверской кремль, Императорский путевой дворец, Женский монастырь, Церковь Белая Троица уонна да атын бэлиэ миэстэлэри көрөбүт. Тверь куоракка саха норуодунай поэта Николай Якутскай олорбута.
Сүүрэр күммүт саҕаланыытыгар мин өрүс биэрэгэр аал уоту оттон алгыс этэн, көрдөһөн саҕалаабыппыт. Арассыыйа уонна Саха Сирин былаахтарын күөрэччи тутан куорат Умуллубат уотугар суурэн киирэбит. Биһигини куорат администрацията, бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта генерал Генри Левкович уонна сэрии кыттыылаахтара 96 уонна 92 саастаах Иван Евгеньевич Кладкевич уонна Иван Петрович Афанасьев көрсүбүттэрэ. Уоттаах сэриини илэ биэс сыл барбыт кырдьаҕастар этиилэрин биһиги уйадыйан иһиттибит. Биһиги кыргыттар Саха Сириттэн сүүрэ кэлбиппитин үөрдүлэр, сэргээтилэр. Сэмэй бэлэхпитин туттаран баран мантан киэһэ салгыы 50 км сүүрүүгэ турунабыт.
Арассыыйа федеральнай трассатыгар массыына элбэҕэ, кэлии-барыы үгүс эбит. Анна Колесова маҥнайгыттан күҥҥэ хас км барыыны бэлиэтээн сурунан истэ, уопсайынан да саҥата суох бары наадалааҕы оҥоро сылдьыбыта.
Тверь куораттан 30 км курдук тэйиччи Хол Березуйский диэн саха буойуттара таас плиталарга суруллубут монуменнарыгар тиийэбит. Манна 120 саха саллаатын аата суруллубут, кэлин сылларга поисковай волонтердар бу миэстэттэн буланнар оҥорбуттар. Үгүстэрэ Өлүөхүмэттэн, Сунтаартан, Ленскэйтэн, Тааттаттан бааллара биллэр.
Манна тиийбиппитин кэннэ улахан тыаллаах, толоонноох хаар түстэ… Биһигини кытта кэлсибит представитель кыргыттарга массыынага киирин диэбитигэр, олор олох буолумматылар.
«Биһиги хаарга үөрэхтээхпит, бэйэбит дойдубут хаара ничего», – диэннэр, көрсөөччүнү соһуттулар.
Манна тыл этээччи этэринэн улахан сүтүктээх сэрии ааспытын билигин да поисковиктар үлэ ыыта сылдьалларын эттилэр. Мин алаадьы, кымыс, кыл сиргэ ууран тыл эттим. Уонна бары сибэкки уурдубут. Хаардаах тыалбыт хантан кэлбитэ биллибэт курдук ааһан үчүгэйкээн күн көрөн кэлбитин бары да сөхтүбүт.
Оскуола директора ыҥыран оҕолору кытта көрсүһүү ыыттыбыт, мусуой көрдүбүт. Манна оҕолор сайынын поисковай этэрээттэринэн кэриэстэбил үлэни ыыталларын учууталлар кэпсээтилэр. Марияанна Гаврииловна сыалбытын-сорукпутун билиһиннэрда. Мин хамсаныыларга маастар-кылаас ыыппыппын астына, үөрэн-махтанан хааллылар.
Сүүрүүнү салҕаатылар Валентина Доргуева уонна Анна Колесова. Кыргыттар санаалара күүстээх эбит, олох турунан туран сүүрэллэр.
«Ржев, Вязьма саамай кырыктаах сэриилэр ааспыт сирдэрэ»
Ржев, Вязьма саамай кырыктаах сэриилэр ааспыт сирдэрэ. Билигин биллэринэн мөлүйүөн биэс сүүсчэ тыһыынча Арассыыйа норуоттарын буойуттара сэрии толоонугар охтубуттара дииллэр. Ол иһигэр тыһыынчанан саха уолаттара.
Ржев куоракка умуллубат уокка генерал М. Г. Ефремов пааматынньыгын аттыгар куорат ыччат политикатын салайааччыта Диана Александровна Гоголева уонна байыаннай гимназия оҕолоро, олохтоохтор көрүстүлэр.
«Биһиги кыргыттар маннык факеллаах сүүрэ сылдьалларын маҥнай көрдүбүт, чахчы патриотическай хамсааһыны ыыта сылдьар эбиккин», – диэн махтаннылар.
Умуллубат уокка сибэкки ууран, тыл этэн барабыт.
Ржевкэ Кыайыы аллейатыгар сүүрбэччэ маршаллары, генераллары кытта соҕотох рядовой диэн суруктаах таас плитаҕа Сибиэскэй Союз геройун аатын 1968 сыллаахха ылбыт аатырбыт саха снайпера Фёдор Матвеевич Охлопков аата суруллан турар.
Салгыы Ржев уһугар сүүһүнэн сэбиэскэй саллааттар тааска суруллубут обелиск сквергэ тиийэбит. Манна биир соҕотох Саха Сириттэн аата суруллубут Яков Николаевич Фатсенков, 1911 төрөөбүт сыллаах, Якутская АССР.
Салгыы куораттан тэйиччи Филькино диэн миэстэҕэ сүүрэн тиийэбит. 1985 сылга манна саха саллааттарыгар аналлаах монумент туруоруллубут. Кэлин монумеҥҥа 1994 сыллаахха 346 саха саллаата суруллар. 2002 сыллаахха «АЛРОСА» АК генеральнай директорын солбуйааччыта Ньургун Семенович Тимофеев, конструктор М. Р. Петухов уонна Николай Христофорович Горохов 580 саха саллаатын эбии суруйан кэҥэппиттэрэ. Билигин эбии 700-кэ саха саллаатын аата суруллар.
Аны атын хайысхаҕа Сэбиэскэй саллаат сүүрбэ миэтрэ үрдүктээх пааматынньыкка тиийэбит. Бу трасса үрдүгэр турар томтор паапатынньыкка регионнартан элбэх киһи кэлэн кэриэстэбил ыыталлар эбит. Уһун улахан истиэнэҕэ тыһыынчанан саллааттар ааттара суруллубут уонна аргыый музыка тыаһыы турар. Бу толооннорго киэн хонууга сурулларынан 500 тыһыынча сэбиэскэй саллаат былдьаммыт, онно анаан бу пааматынньык туруорбуттар. Биһиги байыаннай форма кэтэн кэриэстэбил сибэкки ууран ааһабыт.
Салгыы Вязьма трассатынан сүүрэбит. Европа марафонугар ветераннарга чемпиона, Арассыыйатааҕы сууткалаах сүүрүү призера Валентина Доргуева кыргыттарга сүүрүүгэ сүбэ-ама биэрбитэ.
Виктория Баишева хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар. Яна Егорова факелы ыраастаан, сууйан-сотон иһэр, хаарстыскаҕа түһэрэр. Лира Давыдова маннык сүүрүүгэ маҥнай кыттааччы, барыга көмө уонна миигин кытта тэҥҥэ сүүрэн испитин үөрэ санаатым.
1239 сыллаахха тэриллибит Вязьма куорат киэҥ историялаах, улахан элбэх культурнай түмэллэрдээх, собордаах, монастыырдаах.
1941 сыллаахха Вязьма анныгар кыргыһыыга сэбиэскэй аармыйа 800 тыһыынча саллаатын сүтэрбит. Трасса устата элбэх монуменнар, пааматынньыктар бааллар, көрбүт эрэ хараастар, долгуйар… Онно мэҥэ тааска «Саха буойуттара – Олоҥхо Дойдуттан» диэн суругу көрбүппүт.
«Кыайыы күнүн Кыһыл болуоссакка көрүстүбүт!»
Брянск куоракка диэри 340 км эрдэхпитинэ трассаҕа көрсүбүт, кэпсэппит дьоммут Украинаны кытта кыраныысса чугаһынан сибээстээн суол сэрэхтээҕин эттилэр. Мин сүүрүүну тохтотоору гыммыппар, кыргыттарым олох сөбүлэспэтилэр. «Эн Дима массыынаҕа олороор, биһиги бэйэбит сүүрүөхпүт», – диэтилэр. Сыалбытын толоробут диэн быһаарынныбыт, онтон миэхэ биир өттүнэн эппиэттээх буолла.
Сүүрэн иһэн Дятьковскай оройуонунан ааһабыт. Манна 1942 сыллаахха уонтан тахса партизанскай этэрээттэр тэриллибиттэр. Сүрүн соруктара рельсовай шоссейнай суолу хонтуруоллааһын. Онон «рельсовая война» баран 224 рельса суола сууллан, 60-ча муоста эстэриллэн 160 ниэмэс эшолонын суох гыммыттар. Фашистар киириилэрин тохтотор партизанскай хамсааһыҥҥа 2000 киһи кыттыбыт.
Биһиги уоппутун тутан иккилии, онтон биирдии буолан этапка бардыбыт. Кыргыттарым Яна Егорова, Саша Митина, Марияанна Васильева, Вика Баишева, Анна Колесова 3-түү км этапка сүүрэллэр. Арассыыйа федеральнай суола киэнэ суох, массыыналар быыстала суох ааһаллар. Суоппарбыт Святослав Яковлевич сөпко этапка тохтоон, сүүрүүнү өйдөөн, бары этиини истэн иһэр. Үчүгэй суоппардаах буоламмыт үөрдүбүт.
Бу диэки нэлэмэн хонуу толоон буолан тыала сөрүүн, сорох сиринэн күүстээх ол инин факелбыт уота сирэйбитигэр охсоро.
Брянск 985 сыллаахха төрүттэммит саастаах куоратынан биллэр эбит. 1380 сыллаахха Мамай Хан сэриилэрин көрсүбүт. Кэлин Москваны ситимниир атыы-эргиэн киининэн биллибит. Аҕа дойду сэриитигэр сүүһүнэн тыһыынча киһини ниэмэстэр Германияҕа үүрбүттэр уонна олохтоох ниһилиэннэни өлөрбүттэр. 1943 сыллаахха куорат босхоломмут, Брянскайтан 200 тыһыынча киһи сэриигэ кыттыбыт. Биһиги икки күн этэҥҥэ сүүрэн эстафетабытын Брянск куоракка түмүктүүбүт. Кыайыыга аналлаах Курган сулустаах монумеҥҥа фиништыыбыт.
Манна байыаннай форма кэтэн Александра Митина салайыытынан «Катюша», «Хайыһардар» ырыаларбытын толоробут, сибэкки уурабыт.
Ыам ыйын 9 күнүгэр Москва куоракка кыргыттар эһээлэрин хаартыскатын тутан «Бессмерный полк» акцияҕа кыттыбыттара. Полк хаамыыта 6 чаастан ордук барда, сүүһүнэн тыһыынча Москва олохтоохторо уонна ыалдьыттара хаартыскаларын тутан хаамтылар. Онон Кыайыы күнүн Кыһыл болуоссакка көрүстүбүт!
Патриотическай сүүрүүнү өйөөбүт көмө буолбут дьоһун дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит: Саха Сирин Ил Тумэн депутатыгар Михаил Дмитриевич Гуляевкэ, Саха Сирин общественнай палататын чилиэнигэр Афанасий Павлович Алексеевка, Дьокуускай куорат физическай культураҕа уонна спортка салайааччытыгар Константин Семенович Бурцевкэ, ООО «Артик Капитал» генеральнай директорыгар Матвей Николаевич Евсеевкэ, Дьокуускайдааҕы «Водоканал» директорыгар Анатолий Андреевич Кырджагасовка уонна Үөһээ Дьааҥы баһылыгар Гаврил Ильич Чириковка хамаанда. Эһиги патриотическай санаанан улахан үлэни, көмөнү оҥордугут! Баҕарабыт үлэҕитигэр ситиһиилэри, табыллыыны!
Эһиил 2023 сылга Курскай сэриини кыайыы 80 сыллаах улахан үбүлүөйэ буолар. Ону сибээстээн биэс куораты хабан 15 хонукка Саратов – Тамбов – Воронеж – Тула – Орёл – Курск хайысханан 1210 км сүүрэр былааннаахпыт.
Виктория Кост