Дозорга сэргэхтик Кобуруоп турара
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сахалары бэргэн ытааччы быһыытынан бастакынан киэҥник аатырдыбыт-сураҕырдыбыт киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт, бэргэн снайпер Степан Гурьевич Ковров буолар. Суостаах сэрии бастакы уоттаах сылларыгар снайпер хабыр хапсыһыыларга көрдөрбүт хорсун быһыытын биллиилээх суруналыыстар “Красноармейская правда”, “За Родину!” “За правое дело” курдук дойду байыаннай хаһыаттарыгар киэҥник сырдаппыттара. Ковров холобурун батыһан, саха ньургун уолаттара сэриигэ бииртэн биир бэргэн ытааччы, снайпер быһыытынан киэҥник биллэн-сураҕыран барбыттара. 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 17 күнүгэр аатырбыт снайпер өлөрдүү бааһырбыта. Хорсун буойун Смоленскай уобалас Редькино дэриэбинэтигэр көмүллэн сытар.
Степан Ковров үтүө аата төрөөбүт улууһугар, нэһилиэгэр үйэтитилиннэ. Бэрдьигэстээх, Күөрэлээх нэґилиэктэрин киин уулуссалара кини аатын сүгэллэр. Күөрэлээххэ орто оскуолатын коллектива Улуу Кыайыы күнүгэр Степан Ковров бирииґигэр аналлаах сүүрүүнү хас сылын ахсын т ыытар. Поэт Степан Кустуктаанап снайперга анаабыт хоһоонугар композитор Данил Санников музыка айан, ырыа гынан көтүппүтэ.
Улуу Кыайыы 60 сыллаах үбүлүөйүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Президенэ В.А. Штыров Ыйааҕынан Степан Ковров аата Күөрэлээх орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ, снайпер бюһа туруоруллубута. Оскуола үөрэнээччилэрэ хорсун буойун олоҕун чинчийэр үлэҕэ кыттаннар, кырдьаҕастартан ахтыылары хомуйаллар, үөрэтэллэр.
Константин Жирков, саха тылын учуутала, С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолата.
Герой Лонгинов
Мин үѳрэнэр Атамайдааҕы орто оскуолам Владимир Дионисович Лонгинов аатын сµгэр. Кини — Аҕа дойду Улуу сэриитин геройа.
Владимир сэриигэ пулеметчик эбит. Кутузов орденнаах Плоштенскай 722-с полкатын I стрелковай батальонун пулеметнай ротатын отделениетын хамандыыра этэ. Сумскай, Курскай уобаластары босхолуур кыргыhыыларга түөрт төгүл бааhырбыта. 1943 сыл бала±ан ыйын 15 күнүн түүнүгэр старшай лейтенант Савченко I ротатын састаабыгар маҥнайгынан Днепр өрүґү туорааhыны саҕалаабыта, кини кэнниттэн кэлэр саллааттар өрүһү сүтүгэ суох туорааhыннарыгар кыаҕы биэрбитэ. Днепр өрүс арҕаа биэрэгэр тахсан, плацдармы былдьаан ылан, онно бөҕөргөтүммүтэ.
Старшай сержант Владимир Лонгиновка ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1943 сыл алтынньы 25 күнүнээҕи ыйааҕынан Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.
Дойдутугар 2006 сыллаахха Атамай орто оскуолата Герой аатын сүкпүтэ. Биһиги Владимир Лонгиновы умнубаппыт. Кини аатын үйэтитэргэ элбэх тэрээһиннэр буоллаллар. Герой Лонгинов биир дойдулааҕым буоларынан киэн туттабын.
Артём Александров, IV кылаас, Атамай, Горнай.