1945 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэ Москва куорат Кыһыл Болуоссатыгар сэбиэскэй норуот фашистскай Германияны Улуу Кыайыытыгар анаммыт парадка өстөөҕү сөһүргэтиспит бары фроннар, байыаннай уокуруктар талыыттан талыы буойуннара кыттыбыттара. Парады Сэбиэскэй Сойуус Маршала, икки төгүллээх Дьоруойа Константин Константинович Рокоссовскай хамаандалаан, Кылаабынай Командующайы солбуйааччы, Сэбиэскэй Сойуус Маршала, түөрт төгүллээх Дьоруойа Георгий Константинович Жуковка арааппардаабыта. Парад кыттыылаахтарын, сэбиэскэй норуоту Улуу Кыайыынан Сэбиэскэй Аармыйа Кылаабынай Командующайа, Генералиссимус Иосиф Виссарионович Сталин эҕэрдэлээбитэ.
Устуоруйаҕа киирбит бу улахан парадка араас фроннарга хорсуннук сэриилэспит Саха сирин 14 буойуна кыттыбыта.
ИВАН НИКОЛАЕВИЧ ДИОДОРОВ (1918-1992), Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр төрөөбүт. “Аҕа Дойду Сэриитэ” II степеннээх уордьанынан, “Хорсунун иһин”, “Москва оборуонатын иһин”, “Сталинград оборуонатын иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
ПЕТР ПРОКОПЬЕВИЧ ДЬЯЧКОВСКАЙ (1912-1983), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкытыттан төрүттээх. 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыт. Украинаны, Румынияны, Венгрияны, Австрияны босхолоспут. “Хорсунун иһин”, “Будапеһы ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх.
ГЕОРГИЙ АЛЕКСЕЕВИЧ ЕРОХИН 1907 сыллаахха Иркутскай уобалас Жигаловскай оройуонугар төрөөбүт. 1941 сыллаахха Дьокуускай военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыт. Старшина, разведчиктар взводтарын хамандыырын солбуйааччы. Сталинград кыргыһыыларын кыттыылааҕа, Украинаны, Польшаны босхолоспут, “Албан Аат” уордьан толору кавалера.
ЮРИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ КАЛАШНИКОВ 1924 сыллаахха Уус-Майа оройуонугар төрөөбүт. 1942 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыт. Гвардия старшай сержана, сапердар взводтарын хамандыыра. Карелияны, Венгрияны, Австрияны босхолоспут. “Албан Аат” уордьан толору кавалера.
ВЛАДИМИР АКИМОВИЧ КОЛБУНОВ 1911 сыллаахха Омскай уобалас Большереческай оройуонун Ростовка сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 1941 сыллаахха армияҕа Дьокуускай военкоматынан ыҥырыллыбыт. Старшина, отделение хамандыыра. Москва оборуонатын, Курскай тоҕой хабараан кыргыһыыларыгар, Украинаны босхолооһуҥҥа, Берлини штурмалааһыҥҥа кыттыбыт. Советскай Сойуус Дьоруойа, Ленин, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I степеннээх уордьаннарынан, “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Олоҕун тиһэх күнүгэр диэри Мииринэй куоракка олорбута.
КОНСТАНТИН ЕВГЕНЬЕВИЧ КОРЯКИН (1922-1979), Бүлүү куоратыгар төрөөбүт. Ленин, “Албан Аат” III, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, II степеннээх уордьаннарынан, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Саха сирин спордун ХХ лауреата буолуталаабыт.
АЛЕКСЕЙ ИБРАГИМОВИЧ НАСЫРОВ 1919 сыллаахха Сунтаар улууһугар төрөөбүт. 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыт. Гвардия старшай сержана. Белоруссияны, Литваны, Латвияны, Польшаны босхолоспут. Сэриини Эльба өрүскэ түмүктээбит. “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, “Албан Аат” III степеннээх уордьаннарынан, “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
ФЕДОР МАТВЕЕВИЧ ОХЛОПКОВ (1908-1968), Томпо оройуонун Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүт. Сержант, аатырбыт снайпер. 429 өстөөҕү кыргыбыт Советскай Сойуус Дьоруойа. Ленин, “Кыһыл Знамя”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” II степеннээх, “Кыһыл Сулус”уордьаннар, “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэр кавалера.
ИВАН ПЕТРОВИЧ ПАПЫШЕВ (1915-1984), Омскай уобалас Муромцевскай оройуонун Чинянина дэриэбинэтигэр төрөөбүт. 1941 сыллаахха Алдан военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыт. Старшина, разведка взводун хамандыыра. Ленин, “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, II степеннээх уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Варшава-Познань уонна Висла-Одер бойобуой операция кэмигэр хорсунун иһин Советскай Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибит. Берлини штурмалааһын кыттыылааҕа.
ИВАН ИВАНОВИЧ РУДЫХ (1922-2001), Иркутскай уобалас Жигалово сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 1942-1945 сылларга элбэх бойобуой кыргыһыыларга кыттыбыт. Старшай сержант. “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I степеннээх, “Хорсунун иһин”, “Сталинград оборуонатын иһин”, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
СЕРГЕЙ АНТИПОВИЧ СИДЕЛЬНИКОВ Алдан куоратыгар төрөөбүт. 1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыт. “Кыһыл Знамя”, “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, II степеннээх уордьаннарынан, “Сталинград оборуонатын иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
ИЛЬЯ МАТВЕЕВИЧ СУЛАВКО 1920 сыллаахха Ленскэй куоракка төрөөбүт. 1940 сылтан саллаат. Сталинград куорат иһин кыргыһыы кыттыылааҕа. “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, II степеннээх, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин уордьаннарынан, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Сталинград оборуонатын иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
ИННОКЕНТИЙ ИВАНОВИЧ ЯКОВЛЕВ II (1907-1976), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Холгума нэһилиэгэр төрөөбүт. “Варшаваны босхолооһун иһин”, “Берлини ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллэрдээх.
ЗАХАР ИННОКЕНТЬЕВИЧ САМОРЦЕВ (1915-1989) Ленскэй оройуон Бэчинчэ нэһилиэгэр төрөөбүт. Капитан. Сталинград оборуонатын кыттыылааҕа, Курскайдааҕы хабараан кыргыһыы кыттыылааҕа, Днепр өрүһү бастакынан туорааччылартан биирдэстэрэ. Европа дойдуларын босхолоспута. “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, II степеннээх уордьаннар, “Сталинград оборуонатын иһин”, “Кенигсбери ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” ,“Японияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллэр кавалера.