Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө оскуолабыт 1-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ «Кыайыы ааҕыылара» акцияҕа кытынныбыт.
Аахсыйа сыала: ытыктыыр дьоммутун Кыайыы бырааһынньыгынан эҕэрдэлээһин, саха суруйааччылара сэрии тиэмэтигэр суруйбут айымньыларыттан ааҕыы, сэһэргэһии.
Биһиги тыыл ветерана Мария Федотовна Ивановаҕа ыалдьыттаатыбыт. Кини биһигини үөрэ-көтө сэргэхтик көрүстэ.
Мария Федотовнаҕа Эрхаан Васильевтыын «Чолбон» сурунаалтан Исай Никифоров «Баян» кэпсээнин ааҕан иһитиннэрдибит уонна Коля Дорофеев, Айыына Петрова ырыа ыллаан дьиэрэттилэр.
Ол кэнниттэн Мария Федотовна биһиэхэ сэрии кэмигэр тыылга хаалбыт дьон ыарахан олоҕун туһунан долгуйан туран кэпсээбитин болҕойон иһиттибит. «Аҕам сэриигэ барар аттары илдьиһэ үстэ бара сылдьыбыта. Күнүс колхуос үлэтигэр бокуойа суох сылдьара, түүн биһигини аһатаары бултуура, балыктыыра. Ас кэмчи, отой суох да буолара. Бурдук ирээттээбэккэлэр, аччык сылдьарбыт. Кутуйах хасааһын булан сиир бобуулаах этэ, тутан ылаллара. Тугу эмит буллахпытына, хааһылаан сиирбит. Кыраттан салҕанан тыыннаах хаалбыппыт», — диэн кэпсээтэ. Аас-туор, сут-кураан дьыллар кэлэн ааспыттарын, дьон хайдах курдук тулуурдааҕын, тыылга эмиэ сэриигэ курдук күүстээх үлэ барбытын оччотооҕу кэм туоһутуттан бэйэтиттэн истэн сөхтүбүт, хараастан да ыллыбыт.
Аахсыйа оскуолабыт «Ыалынан ааҕыы» бырайыагын чэрчитинэн, дойдубут умнуллубат, бэлиэ күнүгэр анаан ыытылынна.
Алина САННИКОВА,
IX кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү