Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр сылын аайы араас лааҕыр тэриллэр. Оскуолабыт күнүскү лааҕыра “Эрчим” диэн ааттаах.
Бэс ыйын саҥатыттан атырдьах ыйын ортотугар диэри тохтобула суох үс араас хайысхалаах симиэнэлэр үлэлииллэр. Билигин номнуо үһүс симиэнэ оҕолору түмэн, буола турар. Оҕолор уйулгу уонна өйү сайыннарыы эрчиллиилэрин, дьарыктарын оҥороллор. Иккис симиэнэҕэ оҕолор үҥкүү эйгэтигэр уйдаран, бириэмэлэрин бэркэ атаарбыттара. Онтон маҥнайгы симиэнэлэр оскуола оҕуруотун олордуу үлэтигэр көмөлөспүттэрэ.
Биһиги лааҕырбытыгар үлэ, дьарык таһынан аралдьыйыы, көр-нар күүскэ ыытыллар. Оҕолор араас тэрээһини, күрэхтэри күргүөмүнэн ыытыһан, кыттан олус диэн сөбүлүүллэр. Кэнсиэри тэрийэн, ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн оҕолор барахсаттар бириэмэлэрин туһалаахтык уонна көрдөөхтүк атаараллар. World Skills араас хайысхатынан дьарыктар үөрэх эмиэ буолар.
“Эрчим” лааҕыры оҕолор кыһыны быһа саныыллар, күүтэллэр уонна сайынын үөрэ-көтө кэлэллэр.
Анжелина Жданова, “Ыллык” эдкорпост.
Хаҥалас, Ньурба.