Биһиги үөрэнэрбит саҕана оскуолабытыгар үгэс баара — Саҥа дьылы уон бииристэр тэрийэллэр диэн. Дьэ, онон бүтэрэр сылбытыгар ити эбээһинэс биһиэхэ сүктэриллибитэ.
Оччолорго, 90-с сылларга, наһаа билиҥҥи курдук сотору-сотору НПК-лар, олимпиадалар, күрэхтэһиилэр буолбаттар этэ. Оскуолабыт иһинээҕи эрэ тэрээһиннэринэн өрүкүйэн олорорбут: кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэһиилэр, куонкурустар, көрүүлэр. Хата, олус үчүгэйэ. Бастыҥныын-мөлтөхтүүн, туйгуннуун-ортоһуордуун — бука бары кыттарбыт.
Ол сиэринэн, Саҥа дьылбытыгар эмиэ кылааһынан бары көхтөөхтүк бэлэмнэнэн саҕалаабыппыт. Мультиктар геройдара буоларга сүбэлэспиппит. Дьэ, оруоллары үллэстии буолла. Мин астына көрөр уолбун Айаалы «Ну, погоди» бөрөтө оҥордулар. Онуоха харса суохпун киллэрэммин, дьээбэлэммитэ курдук буола-буолабын: «Оттон мин кини куобаҕа буолабын дуо?»— диэтим. Онуоха кылааспыт кыраһаабыссата Сайыына: «Нет, мин буолабын. Уже оннук быһаарбыппыт дии, Айаал?» — диэн саба саҥаран кэбистэ уонна Айаал диэки кистэлэҥнээх баҕайытык имнэнэн ылла. Анарааҥҥыта үөрэн мичээрдээтэ. Мин кыһыйдым аҕай!
Чэ, оннук түҥ-таҥ түҥэтэн, миэхэ даллайбыт Чебурашка түбэстэ (бэйэм да кулгааҕым таллаҕар соҕус). Харахадьыыл Генам — Уйусхан. Бэйэтэ, биллэн турар, суоҕа. Бырааһынньыкка да кэлэрин саарбахтыырым. Дьоно иһэ-аһыы сылдьаллара, ол иһин хотонун көрөөхтүүрэ. «Уйусхан маскараатын, Айаана, эмиэ оҥорон кэбиһээр эрэ»,— диэн соруйдулар. Сөбүлээбэтэрбин даҕаны, Уйусханы аһынаммын сөбүлэстим.
Дьэ, күн аайы бэлэмнэнэн, син дьүһүйүүбүт табылынна. Репетицияҕа Уйусхаммыт, сүтэ-сүтэ, биирдэ эмэ аҥкылыйан күөрэйэн кэлээччи. Ол иһин Саҥа дьылга баар буолар ини диэн эрэнэ сырыттым.
Ону баара, дьоро киэһэбитигэр ууга тааһы бырахпыттыы мэлийдэ. Кэтэс да кэтэс. Бырабаал буолаары гынна диэн ыксааммыт, дьиэтигэр оҕолору ыыттыбыт. Онтуката киһибит ийэлээх аҕатын, баран хаалыахтара диэн, манаан олорор эбит. Эрэй диэтэҕиҥ. Ол иһин кыккыраччы аккаастаммыт.
— Хайыахпытый, чэ, оччоҕо бэйэм да оонньуом. Бу харахадьыыл көстүүмүн ким кэтэр кэттин, — диэн бараммын, биэчэрбит буолар саалатыгаар ыстанным.
Дьүһүйүүбүт саҕаланна. Мин киирэр кэмим тирээн кэллэ. Бэйэм соҕотохпун эрэ диэн, долгуйуу бөҕөтөбүн. Биирдэ өйдөөбүтүм — сыана ортотугар саҥара турар эбиппин. Онтон өссө өйдөөн көрбүтүм — аттыбар харахадьыылым кэлэн турар эбит. Соһуйдум эрээри, ону таспар биллэрбэтим. Киһим да хаалсыбат: тэбис-тэҥҥэ түһэрсэн иһэр, артыыстыыра да сүрдээх, ону-маны эбии бэйэтэ айан этэр эҥин. «Уйусхан буолбатах. Кимий?»— диэн испэр дьиибэргии санаатым. Оннук булкуллан-тэккиллэн, көрүдьүөс баҕайытык оонньоон таҕыстыбыт.
Поролонтан оҥоһуллубут маскараат иһигэр кимин быһаара соруммакка, ыксалы кытта таҥаспын уларытта сүүрдүм. Онтон үҥкүү буолла. Кыргыттарбыттан ити ким Гена буолбутун ыйыталаһабын. Хайалара да билбэт.
Аны ону таайа сатыыр моһуокка ыллардым. Сөҥ куолаһын, уһун дьылыгыр уҥуоҕун, түргэн тобуллаҕас толкуйун, тоҕо эрэ, наһаа сөбүлээбитим.
Итинник саныы олордохпуна, бастыҥ маскарааттары наҕараадалааһын буолла, Күдээринэ мээнэ истэ олордум. Арай ыытааччы: «Бастакы миэстэни харахадьыыл Гена ылар», — диэтэ. «Эс, мин аҕабын кытта оҥорбут маскараатым дуо?»— диэн соһуйан хааллым. «Дьэ эрэ, ким харахадьыыл Гена буолбутай? Бириискин кэлэн ыл эрэ»— дии-дии, ыытааччы ыҥыр да ыҥыр буолла. Ким да тахсыбата. Мин саарыы олордум: «Кэппит киһи ылара буолуо дуу, оҥорбут дуу?.. Наһаа ойон тахсыбат инибин…». Эмискэ сөҥ куолас: «Иккиэн тахсыах»,— диэтэ. Көрбүтүм — сырдык мичээрдээх билбэт уоланым аттыбар кэлэн, илиитин утары уунан турар эбит. Мин хайдах сиэттиһэн тахсыбыппын үчүгэйдик өйдөөбөппүн, барыта түүл-бит курдуга.
Дискотека кэмигэр кэпсэтэн билсибитим, бииргэ үөрэнэр уолум тастыҥ быраата эбит, биһигиттэн биир сыл кыра. Атын улуустан кыһыҥҥы сынньалаҥар күүлэйдии кэлбит. Ону биһиги уолаттарбыт киниэхэ харахадьыыл көстүүмүн кэтэрдибиттэр уонна, кыратык бэлэмнээт, сыанаҕа анньан кэбиспиттэр.
Ол Саҥа дьыл миэхэ умнуллубаттык ааспыта. Айааллаах Сайыына киэһэни быһа бииргэ сылдьыбыттара. Оттон мин саҥа доҕорум Васялыын тохтообокко үҥкүүлээн элээрдибитим. Уонна, тоҕо эрэ, төрүт сылайбатаҕым.
Ити кэнниттэн оруобуна ый аҥаара буолан баран, миэхэ сурук кэлбитэ. Онтон ыла почта кэлэрин күүтэр буолбутум.
Билигин дьиэбитигэр оҕолорум: «Кыһыннары-сайыннары күөх өҥнөөх баар үһү?»— диэн таайтардахтарына, Васялаах биһикки: «Харыйа уонна харахадьыыл», — диэн күлсэбит…
Айаана.